Ахсынньы 28 күнүгэр СӨ Национальнай библиотекатыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй 10 кылааһын үөрэнээччитэ Артем Дьячковскай чинчийэр үлэтэ кинигэ буолан тахсыбыт үөрүүлээх сүрэхтэниитэ буолан ааста. Билэргит курдук, кыра саастаах уонна алын кылаас оҕолоругар аналлаах «Чуораанчык» уус-уран литературнай сурунаал «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» диэн бырайыактаах. Бу бырайыакка оҕолор эбээлэрин, эһээлэрин туһунан сырдаталлар. Дьиэ кэргэннэригэр күндү, суолталаах эбээ, эһээ, төрүттэрэ тутта сылдьыбыт малларын кэпсииллэр. Хас биирдии оҕо матырыйаала ытыс саҕа кинигэ буолан бэчээттэнэр. Бу оҕо маҥнайгы — кинигэтэ.
Артем эбээтин Христина Исаковна Степанова туһунан сырдаппыта. Эбэлээх эһээтэ 1996 сыллаахха Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр тиэргэннэригэр саха балаҕанын туппуттара. 2010 сыллаахха өбүгэлэрин малларын, таҥастарын мунньубуттара. Онтон 2015 сыллаахха дьон-сэргэ көрдөрүүтүгэр быыстапка гынан оҥорон туруорбуттара. Билигин дьиэ кэргэн музейа буолан турар. Степановтар баҕалаах ыалдьыты үөрэ көрсөллөр.
Бу күн Артем эбээтэ Христина Исаковна кэлэн сиэнин үөрүүтүн тэҥҥэ үллэһиннэ:
«Наһаа үчүгэй кинигэни таһаарбыттар. Саамай сөбүлүүр эбээм ыскааба уонна сиидэтэ киирбититтэн олус долгуйдум уонна үөрдүм. Сиэним Артем ааппын үйэтиттэ. Бу саамай дьол! Оҕолордоох, сиэннэрдээх буоламмыт биһиги олорон ааспыт олохпут симэлийэн хаалбакка, бу кинигэнэн ааппын ааттата туруоҕа! «Чуораанчык» сурунаал редакциятыгар махтал! Сахалыы тыыны, көлүөнэлэр ситимнэрин быспат туһугар үлэни ыытаргытыгар. Маннык үлэлээх дьон баар буоллахтарына сахалыы тыыммын сүтүө, симэлийиэ суоҕа».
Артем кыра кылаастан саҕалаан «Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы билим конференцияларга үрдүк ситиһиилэрдээх.
«Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи билим конференцияҕа аан маҥнайгыбын кэлэрбэр, араас улуустартан үгүс да оҕо баара, олус долгутуулаах этэ. Ол кэмҥэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыттан интервью ылбыттара. Үлэм сурунаалга тахсыа диэбиттэрэ. Кинигэ тахсыбытыгар төрөппүттэрбэр, учууталбар Лидия Петровна Саввинаҕа уонна сурунаал үлэһиттэригэр махтанабын» — диэн Артем санаатын үллэһиннэ.
Көлүөнэлэр ситимнэрэ ити курдук салҕанан баран иһэр. Хас биирдии киһиэхэ дьиэ кэргэн — күндү баайа, бигэ тирэҕэ буолар. Удьуору утумнуур, көлүөнэни ситимниир, ону харыстаан сайыннарар, интэриэһиргиир – бу буолар дьол!
Нюргуяна Захарова