1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” диэн сахалыы хаһыат аан бастаан күн сирин көрбүтэ. Манан сибээстээн биһиги өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев 2020 сыллаахха от ыйын 1 күнүн национальнай Бэчээт күнүнэн биллэрбитэ.
Биһиги, “Азия оҕолоро” спортивнай оонньууларын пресс-киинигэр үлэлии сылдьар 50 юнкор бүгүн Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр национальнай Бэчээт күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт.
Мустубут дьону Саха өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Евгеньевич Бычков, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Асколонович Семенов эҕэрдэлээтилэр. Кинилэр эппит тылларыттан Саха сирин үрдүнэн барыта холбоон 90-тан тахса хаһыат, сурунаал бэчээттэнэн тахсарын биллибит. Ол иһигэр бырааттарбыт, балтыларбыт сөбүлээн ааҕар сурунааллара “Чуораанчык”, “Колокольчик”, биһиги бэйэбит хаһыаппыт “Кэскил”, сурунаалларбыт “Бэлэм буол”, “Юность Севера”. Ону таһынан 200-тэн тахса сетевой таһаарыылар бааллар эбит, ол иһигэр юнкордар элбэхтик бэчээттэнэр, оскуолабыт, нэһилиэкпит, улууспут сонуннарын туһунан суруйарбытын бэчээттээн таһаарар саайпыт keskil14.ru буолар.
Бу күн үчүгэй үлэлэрин иһин хаһыат, сурунаал үлэһиттэрэ Айсен Сергеевич Николаевтан грамота, Махтал сурук, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Асколонович Семеновтан Махтал суруктары туттулар. Биһиги “Кэскилбит” үлэһиттэрэ эмиэ наҕараадаланнылар. Кинилэргэ истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит.
“Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулары сырдата кэлбит 50 юнкортан үс бастыҥ корреспонденнарбыт Святослав Барабанов, Яна Янушкевич уонна Алина Григорьева “Кэскил” дириэктэрин Ольга Ивановна Семёнованы кытта саала ортотугар төгүрүк остуолга бииргэ олордулар. Доҕотторбут тыл эттилэр.
Ол курдук Святослав Барабанов “Кэскил” медиа-оскуола юнкордара сахалыы медиа эйгэни тэрийэрбит, нэһилиэкпитигэр, улууспутугар буолар тэрээһиннэри, үлэһит дьоннор туһунан сахалыы тылынан сырдатабыт диэн киэн тутта эттэ. Кини И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 №-дээх орто оскуолатыгар VII кылааска үөрэнэр.
Онтон Дьокуускай куорат М.И. Кершенгольц аатынан 9 №-дээх оскуола X кылааһын үөрэнээччитэ Яна Янушкевич суруналыыстыка эйгэтэ киһини түргэнник үлэлииргэ, толкуйдуурга үөрэтэрин туһунан эттэ.
Хаҥалас улууһун М.Е. Васильев аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ Алина Григорьева биһиги, юнкордар үлэбитин чиэһинэйдик, кырдьыктаахтык оҥорорго үөрэнэрбитин уонна дьону убаастыыр буолуохтаахпытын туһунан эттэ.
Саалаҕа мустубут дьон юнкор доҕотторбут тылларын сөбүлүү иһиттилэр, ытыстарын таһыннылар.
Бу кэнниттэн биһиэхэ, эдэр көлүөнэ корреспонденнарыгар Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев аатыттан минньигэс бэлэхтэри туттардылар. Хоруопка иһигэр Айсен Сергеевич эҕэрдэ открытката баар. Онно маннык суруллубут:
Бүгүн биһиги Саха өрөспүүблүкэтин национальнай Бэчээтин күнүн бэлиэтиибит. Бу бырааһынньык ааҕар, суруйар уонна информацияны үллэстэр дьону барыбытын түмэр.
Эһиги суруналыыстыка инники кэскиллэрэ буолаҕыт. Эһиги суруйарга тардыһаргытынан уонна “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньуулар пресс-киинигэр үлэлии сылдьаргытынан киэн туттабыт. Саҥаны оҥороргутуттан, айаргытыттан куттанымаҥ. “Кэскил” медиа-оскуолаҕа дьарыктанан эһиги сатаан кэпсэтэ, дьону кытта алтыһа үөрэнэҕит.
Бу манна ылар уопуккут эһиэхэ төрөөбүт улуускутун, нэһилиэккитин, дойдугутун сайыннараргытыгар туһалаах буоларыгар баҕарабын. Бастыҥ билиини, интэриэһинэй тиэмэлэри уонна элбэх киһи көрөрүн ыларгытыгар баҕарабын.
Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
Минньигэс бэлэхпит иһигэр “Нестле” какаота баар. Тоҕо?
Тоҕо диэтэххэ, 1908 сыллаахха «Якутский край» хаһыат бастакы нүөмэригэр бастакы балаһаҕа «Нестле» туһунан суруйбуттар.
Ааҕан көрбүппүт, ити кэмтэн ыла 116 сыл ааспыт. Онтон “Нестле” хампаанньа 1866 сыллаахха төрүттэммит. Онон, доҕоттоор, хаһыат диэн 100 сыллар ааспыттарын да иһин, үйэлэри ситимниир, оннооҕор сөбүлээн сиир минньигэс аспыт историятын кытта үйэтитэр күүстээх.
Салгыы өрөспүүбүлүкэбит салайааччыларын Кирилл Евгеньевич Бычковы, Анатолий Асколонович Семеновы кытта өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түстүбүт.
Уонна оҕолор бары мустан Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр паамытынньыгар сырыттыбыт. Күлүмнүүр 1907 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” диэн сахалыы хаһыат тахсарыгар ураты суолталаах киһи.
Паамытынньык аттыгар туран, Күлүмнүүргэ махтанныбыт.
Алёна ТАППЫРОВА, VI кылаас, Уолба, Таатта
Вилена СТРУЧКОВА, VIII кылаас, Чурапчы гимназията
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас, Хадаар, Чурапчы
Света ЗАРОВНЯЕВА, Вадим КОЛЕСОВ, X кылаас, Хайахсыт, Чурапчы,
«Азия оҕолоро» оҕо пресс-киинин юнкордара
Мария Васильева хаартыскаларын туһанныбыт, Саха информационнай агенствота