Дьыбардаах кыһыҥҥы киэһэ олорон, күөх сааһы саныыбын… Маай бырааһынньыгын киэһэ кулуупка нэһилиэк дискотеката буолбута. Мин дьүөгэлэрбин кытта барбытым.
Өрүү буоларын курдук, олохтоох ыччаттан биир да киһи суоҕа. Барыта оскуола оҕолоро этибит. Биһиги биэчэрбит курдуга.
Бэйэбит былааһы ылан, үҥкүүлүү аҕай турдахпытына, Муочабыт кэлэн: «Баанньа тастыҥ убайа кэлбит. Куораттан. Жестко красавчик!» — диэн тиһэх сонуну сэһэргээбитэ. Бары өрүкүйэн хаалбыппыт, тахсан көрөргө быһаарыммыппыт.
Сымыйалаан: «Абытыый-абытай! Хата, манна сөрүүкүү түһүөххэ!» — дии-диибит, кирилиэскэ турар уолаттарга кэккэлэһэн кэбиспиппит.
— Кыргыттар, билсэн кэбиһиҥ — Айаал. Оскуоланы былырыын бүтэрбитэ. Үлэлиир, кэтэхтэн үөрэнэр. Маай бырааһынньыктарыгар кустуу тахса сылдьар. Шутка. Мээнэ күүлэйдии. Бэйэтин массыынатынан… — диэн Баанньа киэн тутта билиһиннэрэн эрдэҕинэ, анарааҥҥыта: «Чэ-чэ, наһаа рекламалаама. Бүт», — диэн саба саҥаран кэбиспитэ.
Айаал, кырдьык, үчүгэй дьүһүннээҕэ. Кини курдуктары ийэм: «Кыыс кыраһыабай», — диир. Уҥуоҕунан да үрдүгэ. Таҥаһа да мааныта. Мичээрэ букатын да Голливуд артыыһын киэнин курдуга! Аны саҥата чуолкайын, куолаһа сөҥүн! Нууччалыы-сахалыы кутан, эр бэрдэ этэ! Биһиги уолаттарбыт онно тэҥнээтэххэ… Быһата, мин биир-биэс тыла суох киниэхэ абылаппытым. Харахпын араарбакка, тонолуппакка одуулаабытым. Ону сэрэйэн быһыылаах (баҕар, сөбүлээн буолуо), миэхэ болҕомтотун ууран саҕалаабыта…
Ол киэһэ мин ааттаах табаарыспын Бүөккэни (кини миигин иккис кылаастан быһа эккирэтэрэ) таһыччы умнан кэбиспитим. Айаал «Филдеригэр» киирэн истэхпинэ, кэннибиттэн: «Дьиэлээбэккин дуо?» — диэн хаһыытыы эрэ хаалаахтаабыта.
Халлаан сырдыар диэри массыынанан хатааһылаабыппыт. Дьол бөҕөтөбүн. Олох көтүөх курдукпун!
Сарсыарда ийэм түүннэри сылдьыбыппын иһин үчүгэй аҕайдык мөхпөтө ээ! Ытаатым эҥин. Ол да буоллар, өйүүнүгэр, төрөппүттэрбиттэн күүрээн, тыаҕа бохуоттуу барыстым!
Толооҥҥо ньургуһун бөҕөтө тыллыбыт этэ. Оттон мин сүрэхпэр соһуччу тиллибит иэйиим ол күн эмискэ кэхтибитэ…. Төрүөтүн билиэххитин баҕардыгыт? Дьэ, истиҥ.
Баран истэхпитинэ, көлүөһэбит тэһиннэ. Айаал, ньиэрбинэйдээн, дэлби маатыралаа-маатыралаа буолбута. Кылаабынайа, бэйэтэ тугу да гыммакка эрэ кыыһыра-кыыһыра турар. Хата, Бүөккэ барахсан, уста охсон, саппааһын олордубута. Салгыы айаннаабыппыт. Бүөккэ буоллаҕына, алдьаммыты абырахтата, матасыыкылынан дэриэбинэҕэ барбыта.
Алааспытыгар тиийэн, кутааны оттуу түбүгэр түстүбүт. Айаал кыргыттары кытта мас хомуйса барыста. Күлүөххүт иһин, бэрчээккэ ылан кэттэ.
Аһаары гыммыппытыгар, илиититтэн сиргэнэн: «О, жесть! Кимиэхэ влажнай салфетка баарый?» — диэн айманыы бөҕөтө. Ким эрэ: «Ити чалбахха суун ээ. Кыыска дылы тугун эмиэ салпыаккатай?» — диэн бэркиһээбитэ. Онуоха: «Да, нуу, баҕа үһүбүн дуо?»— диэн өһүргэммитэ. Онно өйдөөн көрбүтүм, илиитэ кыыс киэнин курдук муус-маҥан, нап-нарын эбит. Бүөккэ чэрдээх улахан ытыһа быдан ордугун бэйэбэр билиммитим.
Онтон сыал ыттыбыт. Курутуой Айаалбыт сааны сатаан да туппат эбит. Эгэ, хайдах иитэллэрин билиэ үһү дуо? Суох буоллаҕа дии! «Пахыый- пахай», — диэтим. Иллэрээ күннээҕи хорсуон-ходуот хоһуунум ханан да суох буолан хаалла. Арай тугу да кыайбат-хоппот, куолуулурун, өйдөөҕүмсүйэрин эрэ сатыыр киһиргэс эрдэҕэс баара. Онтон хомойон, мин соҕотоҕун тыаны кэрийэ барбытым.
Ньургуһуннуу олордохпуна, Бүөккэ тиийэн кэлбитэ уонна: «Туох да өр буоллуҥ? Долгуйдум дии. Уйгу, арба, онно баараҕай аар хатыҥ баар ээ . Ону кууһан туран, баҕа санааҕын эттэххинэ, дьиҥнээхтик туолар үһү. Көрө барабыт?» — диэн эттэ. Мин сөбүлэстим. Сиэттиһэн, чараҥ диэки хааммыппыт…
Уйгулаана