Ийэ сылынан Үөһээ Бүлүү улууһун Степан Егорович Дадаскинов аатынан Кырыкый сүрүн оскуолатын «Күлүм» эдкор чилиэннэрин ийэҕэ анаммыт хоһооннорун таһаарабыт. Салайааччы — саха тылын, литературатын учуутала Мария Васильевна Васильева.
Үөһээ Бүлүү улууһун
С.Е. Дадаскинов аатынан
Кырыкый сүрүн оскуолатын
6-с кылааһын үөрэнээччитэ
Малычехоров Клавдий
Ийэкээм
Мин ийэм барахсан
Оскуолаҕа үөрэнэн
Түөрт-биэс сыана ыларбын
Үөрэ көрсөр ас астаан.
Үлэтигэр тиэтэйэр,
Ааҕар дьиэни сууйар-сотор.
Өрөбүлгэ сынньанар,
Минньигэстик ас астыыр.
Үтүө тылынан этэрин
Өйдөөн истэ сылдьабын,
Ийэбин мин таптыыбын!
Ийэбин мин харыстыыбын!
Үөһээ Бүлүү улууһун
С.Е. Дадаскинов аатынан
Кырыкый сүрүн оскуолатын
9-с кылааһын үөрэнээччитэ
Иванова Анжелика.
Ийэм
Мин тапталлаах ийэм
Эйэҕэс майгылаах,
Иистэнньэҥ ийэм барахсан
Илиитэ имигэһин,
Араас кэрэ таҥаһы
Тигэрэ түргэнин.
Ынахпыт Маҥаачык
Маҥырыыр сарсыарда.
Ийэбиниин тахсаммыт
Ыыбыт дэлэччи
Үрүҥ илгэни.
Үүт, сүөгэй,
күөрчэх, арыы —
Үрүҥ ас дэлэйин
Ийэкэм барахсан
Сандалы толору тардарын
Махтана, астына,
Киэн тутта саныыбын.
keskil14.ru