Үөрэх кэмэ бүтэн, самаан сайыммыт тиийэн кэлиэҕэ. Хас биирдии киһи сынньалаҥын кэмигэр олус элбэххэ үөрэнэр, саҥаны билэр, көрөр. Ол курдук бастаан кыратык бэйэм саамай өйдөөн хаалбыт сынньалаҥ кэмим туһунан кэпсиэм.
Саамай өйдөөн хаалбыт сайыным диэн 2019 сыллаахха буолбута. Биирдэ ийэм: «Эдьиийдээххэр көмө буола, сайылыы Кэптиҥҥэ бараҕын дуо?» , – диэн ыйытта. “Кэптин диэн ханна баарый?» диир буоллаххытына, бу Куорунай улууһун мааны көстүүлээх, баай сир астаах, эйэҕэс сыһыаннаах олохтоохтордоох кыра дэриэбинэтэ буолар. Мин сири-дойдуну көрөрбүн, саҥаны билэрбин ордорор ол эбэтэр сөбүлүүр киһи быһыытынан сөбүлэстим. Ол эрэн испэр долгуйдум ахан уонна түүн олох утуйбатым. Дьэ, барар күнүм тиийэн кэллэ.
Ийэлээх аҕам алгыһын, сүбэтин-аматын сүрэхпэр иҥэринэн Кэптиҥҥэ айаннаан кэллим. Тулам күп-күөх. Сибэкки тыллар, чыычаах ыллыыр, оҕо-аймах оонньуур саҥата иһиллэр. Бары билэргит буолуо, дэриэбинэ салгына хайдах курдук ырааһын, сибиэһэйин. Дьонум үөрэ-көтө көрүстүлэр. Балтыларбын, бырааттарбын көрөн олус астынным. Сорохтор бу тиийэн эдьиийдээҕэр көмөлөспүтэ саамай интэриэһинэй сайын дуо дии санаан эрэллэрэ буолуо. Ол сыыһа саныыллар. Тиийэн оҕолору кытта билсэ оҕустум. Кыра эрдэхпиттэн саастыылаахтарбын кытта олус үчүгэйдик тапсабын. Бары миигин түргэнник ылыннылар уонна, өйдөөн да көрдөхпүнэ, олус истиҥ санаалаах оҕолор. Сайыным тухары элбэх араас түгэн буолбута эрээри, өйтөн суруйууга барытын киллэрэр уустук эбит.
Саамай өйдөөн хаалбытым диэн оҕолору кытта киэһэлик кулуһун тула олорон гитаараҕа оонньуу-оонньуу ыллыырбыт, доҕотторбун кытары походтуу барарбыт, киэһэ аайы мустан мээчиктиирбит, ырыалаах сөтүөлүү барарбыт, бары бииргэ сир астыырбыт, матаһыыкылынан хатааһылыырбыт, маслоцехха үүт туттарарбыт, чугас дьонум махтала уонна да элбэх тылынан кыайан быһаарыллыбат үтүө түгэн… Дьонум дойдутугар тиийэн олус үчүгэйдик сынньаммытым, саҥа үөрэҕим дьылыгар күүс эбинэн кэлбитим. Доҕотторбун кытта сылдьан күлэ-оонньуу хомуйбут сирим аһын дьиэбэр илдьэ тиийэн дьоммун үөрдүбүтүм. Минньигэс барыанньа сиэтэхпит аайы Кэптиммитин ахтааччыбын. Быйыл өрөспүүбүлүкэбитигэр Доруобуйа сыла биллэриллибитинэн, хас биирдии киһи чөл олох туһунан научнай үлэ да суруйбатар, толкуйданан көрбүт буолуохтаах. Мин санаабар, айылҕаҕа элбэхтик сылдьар, сир аһын үргээри хамсанар, хаһаанан кыһынын муорустанан-барыанньалаан этин-хаанын битэмиинин ситэринэр киһи элбэхтик ыалдьыбат, оттон “ыарыы эмпэтэх киһитэ” (Г.Г. Угаров – Угаалаах “Долбор сулуһа” кэпсээнигэр быраас этиитэ) уһун үйэлэниэн сөп.
Киһи олоҕун хас биирдии кэмин сыаналыахтаах. Билигин олохпутугар бу сааспыт саамай интэриэһинэй кэммит дии саныыбын. Куруутун доҕотторбутун ыарахан да тугэннэргэ өйүү-өйдүү сылдьарбыт сөптөөх. Ким доҕордоох ол дьоллоох диэн саамай сөп этии.
Бэрдьигэстээх эмиэ куорат буолбатах эрээри, улуус киинэ буолан, толору көҥүл сылдьыбаккын. Физико-математическай кылааска үөрэнэр буолан, Солоҕоҥҥо баарбын, интернакка олоробун. Солоҕон – кыра бөһүөлэк, олохтоохтор бары бэйэ-бэйэлэрин билэллэр, онон манна эмиэ, бэрээдэги эрэ кэспэтэргин, көҥүлү билэҕин, чөл салгыны тыҥаҕар толору эҕирийэҕин. Сахабыт сиригэр кыра оскуолалары сабыахтарын сөп диэн истибитим. Саха үгүс алаастара сэбиэскэй кэмҥэ быраҕыллыбыттарын курдук дэриэбинэлэрбит эмиэ кураанахсыйан хаалыахтара дуо? Ол да буоллар Семен Данилов хоһоонугар эппитин курдук маннык буолуо суоҕа, саха дьоно тыа сиригэр, алаастарыгар төннүөхтэрэ диэн эрэл баар:
Аймана таптыыбын алааспын.
Алааска олорор ыарахан…
Аймана ыллыыбын алааспын.
Ол аата – эрэлим улахан.
“Алааска олорор ыарахан…” – диэн этиитин поэт ситэрбэтэҕин туруорбут суругун бэлиэтэ туоһулуур. Биһиги өбүгэлэрбит алаастарынан биирдии-иккилии ыалынан олохсуйаллара үгүс ыарахаттардааҕа өйдөнөр. Мастара-отторо, муустара-хаардара – барыта илии үлэтэ. Оттон ыалдьар-оһоллонор түбэлтэҕэ көмө түргэнник кэлэр кыаҕа суох. Аныгы киһи өйдөбүлүнэн олус ыараханнык олорон эстибэккэ-быстыбакка, аан дойдуга аатырар олоҥхону айан, дириҥ силистээх сиэри-туому, үйэлээх үгэстэри илдьэ сылдьыбыттарын, биһиэхэ бэлэх ууммуттарын киһи эрэ сөҕөр, кинилэргэ махтанар. Ханнык баҕарар омук аан дойду культуратыгар биэрэрдээх, утары уунардаах буоллаҕына, атыттартан тутулуга суох, көҥүл буолар. Киһи эмиэ чөл өй-санаа, тыл-өс, дьоҕур, күүс-уох курдук баайдаах эрэ буоллаҕына толору көҥүл буолар. Көҥүл дьон тыа сиригэр иитиллэн тахсаллар этэ, арааһа, билигин даҕаны оннук буолуо.
Оттон тыа сиригэр оскуола сабылынна да, бөһүөлэк өлөр, оччоҕо биһиги толору көҥүл диэни ханна даҕаны тиийэн булбаппытыгар тиийэбит. Хомолтолоох… Дьиэбитигэр эрэ хааллан олордохпутуна күүстээх доҕордоһуу да диэни билэрбит биллибэт…
Тыа сирин ыраас салгына. Туһалаах сынньалаҥ. Доҕордоһуу. Көҥүл. Бу бэйэ-бэйэлэриттэн быстыбат өйдөбүллэр мэлдьи баар буоллуннар!
Лейла КОНДАКОВА,
С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Иллюстрация: Айталина Тарасова,
С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын
10 кылааһын үөрэнээччитэ.
Салайааччы: Туйара Александровна Тарасова,
төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ учуутала.