Үөрбүт-көппүт Валерия Находкинаны көр эрэ (1-кы хаартыска). Быйыл V кылааска киирбит Валерия күннээҕи былаанын аһара толорон, оҕурсу арааһын көтөҕөн аҕай турар. Мин көрдөхпүнэ, оҕурсулара бары биир курдуктар эрээри, “Китайский”, “Апрельский”, “Зозуля”, “Стелла” эҥин диэн суортарга арахсар үһүлэр! Уп-уһун буола үүнэр “Китайский” суорт наһаа минньигэһин Валерия тоһоҕолоон бэлиэтиир. Оттон тутан турааччыта – кыракый эрээри суон оҕурсута – карнишоннар кэргэттэригэр киирсэр, эмиэ сүрдээх минньигэс уонна тотоойу!
Битэмиин бөҕөнү биэрэр бу бэртээхэй ас барыта Саха сирин үрдүнэн биһирэбили ылан эрэр “Поликарбонат” диэн тэпилииссэҕэ үүнэр. Сүрүнэ – ууну кыайа-хото кутуохтааххын. Хата, Маттаҕа уу сүүрэр сайыҥҥы ситимэ тардыллан, ыал барыта абыранна. Ыйга 1000 солк. төлүүгүн, оҕуруотуҥ аһыгар, хортуоппуйга буолунай туттаҕын. Валерия билигин “Зил” массыыналарынан от тиэйэн, сылайан-элэйэн кэлиэхтээх аҕалаах убайыгар салаат оҥоруохтаах. Онно сүрүн аһа оҕурсу бэлэм!
Матта Находкиннара – үлэһит ыал. 23 сүөһү, икки биэ, икки убаһа… Бу үлүгэр элбэх төбө сыл аайы кытаанаҕынан аатырар кыстыгы 30-ча тонна отунан туоруур. Ону барытын дьиэ кэргэн бэйэтэ дьаһанар. Ийэлээх аҕаҕа оҕолор көмө буолаллар. Быйыл VII кылааска киирбит Андрей төһүү күүс. “Уйбаанабыс Балаҕаннааҕа” диэн тэйиччи сиртэн тиэйэн аҕалбыт отторун кыбыыга сүөкүүллэригэр Андрей, өрүү буоларыныы, от үрдүгэр туран сааһылааччы, тэпсээччи, түстээччи (2-с хаартыска). Кыратыттан дьиэ ис-тас сүгэр-көтөҕөр, илдьэр-аҕалар үлэтигэр үөрэнэн, Андрей бэйэтин үчүгэйдик кыанар. Саха бастакы маастара Петр Каратаев Таатта Уолбатыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытын турнирыгар миэстэлэспитэ, улуустааҕы куйуур күрэҕэр бастыҥ ааты ылбыта.
Андрей былырыын улуустааҕы НПК-ҕа “Мин дьиэ кэргэним дохуота” диэн үлэтэ биһирэммитэ. Ол дакылаатыттан быһа тардан билиһиннэрдэххэ, чахчы үлэһит дьон буолаллара арылхайдык көстөр.
Холобур, 10 киилэлээх 30 солуур отону хомуйан, биирдиитин 1300 солк. атыылыыллар. Оччоҕо 39 тыһыынча солк. буолар. Бу харчы улахан сыранан кэлэрэ өйдөнөр. Бачча элбэх отону хомуйарга төһөлөөх сыра-сылба барара буолуой? Киэһэ утуйаргар хараххын симтэххинэ, буспут отон бөҕө бачыгыраан аҕай турара көстөр буолуор диэри сылдьааччылар. Аны Валерия аҕата Евгений Иннокентьевичтыын тэҥҥэ көрсөр, бүөбэйдэһэр оҕурсутун сайыны быһа киилэтин 100 солк. атыыга туттаран, 50 кг тиэрдэллэр. Оччоҕо 5 тыһыынча солк. тахсар. Манна саас арассаада атыытыттан аҕыйах харчы эбиллэр. От бөҕөнү сиир ынахтарын үүтүттэн 100 кг арыыны астаан, киилэтин 450 солк. батардахтарына, 45 тыһыынча солк. буола түһэр. Сылгыларын этиттэн 500 киилэни атыылаан, киилэтэ 400 солк. бардаҕына, 200 тыһыынча солкуобай кэлэр! Онно өссө ынах эмис этин эбэн биэр, эмиэ сүүсчэ тыһыынча солкуобай… Аны билигин ороскуоту ааҕыахха. Массыына бензинэ, сылгы сиир бурдуга, электричество уотун, уу ситимин төлөбүрдэрэ. Ол харчытын көҕүрэттэхтэринэ, бу үлэһит дьиэ кэргэн син биир барыстаах тахсар.
Атын ыал харчытын туох ааттааҕын аахта диэмэҥ, НПК-ҕа дакылааттанан, бүтүн улуус үрдүнэн биллибит үтүө дьыала буоллаҕа…
Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн. Находкиннар саамай түбүктээх отторун үлэтин үмүрүтэн, тэпилииссэлэрин хомуйан, аны билигин хортуоппуйдарын уонна отон хомуура хаалла. Сүөһүлэрэ, бырдах суох буолан, саамай аһыыр, уойар кэмнэрэ үүннэ. Үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ барытыгар табыллыыны эрэ баҕарабыт.
Александр Васильев-Көрдүгэн.
Иван Андросов түһэриилэрэ.
Мэҥэ Хаҥалас.