Алтынньы 23 күнүгэр А.С.Шахурдин аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Төҥүлү орто оскуолатыгар «Үнкүү абылаҥа» кылаастар икки ардыларынан ыытыллар күрэх буолан ааста. Күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар уонна Сомоҕолоһуу күнүн көрсө ыытылынна.
Күрэх кыайыылаахтарынан буоллулар:
2 «б» кылаас (сал. А.П. Иванова),
3 «а» кылаас (сал. А.Д. Баишева)
5 ≪а≫ кылаас (сал. Л.А. Баишева),
7 ≪б≫ кылаас (сал. М.Р. Заровняева),
11 ≪б≫ кылаас (сал. М.Д. Андреева)
Ону таһынан, хас биирдии кыттааччыга махтал суруктар, анал ааттар туттарылыннылар.
Үҥкүү дьоро киэһэтигэр иэйии күүстээх санаатыгар куустаран ылбыппытыттан бары астынныбыт, дуоһуйдубут.
Оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар бары көхтөөх кыттыыны ыллылар. Махтанабыт төрөппүттэрбитигэр куруук күүс-көмө, өйөбүл, биһиэхэ холобур буоларгытыгар, үҥкүү туруорбут учууталларбытыгар Надежда Эдуардовнаҕа, Саргылаана Петровнаҕа, Марина Алексеевнаҕа, Нюргуяна Михайловнаҕа.
Аня СТЕПАНОВА, IX кылаас,
Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас.