Киһи олоҕор буолан ааспыт умнуллубат түгэннэри өр өйдүү-саныы сылдьар. Миэхэ оннук өйдөбүллэри өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат «Муус устар» бэстибээлэ хаалларбыта.
Мин Чурапчы улууһун актыбыыс оҕолорун кэккэтигэр киирэммин кыттыыны ылбытым. Икки күн устата «Бастакылар хамсааһыннара» РДДМ бастакы сүлүөтүгэр кыттыбыппыт. Бу тэрээһиҥҥэ мин саамай актыыбынай, үтүө санаалаах, элбэх билиилээх, барытыгар ылсан иһэр, «сып-сап» курдук түргэн оҕолору кытта сырыттым. Барыбытын этэрээттэринэн араарбыттара, иккилии баһаатайы анаабыттара. Этэрээттэринэн барыта үс куонкуруска күрэхтэспиппит: хамаандабытын билиһиннэрбиппит, быыстапка оҥорбуппут уонна бырайыак көмүскээбиппит. Ону таһынан сынньана таарыйа станциянан оонньообуппут, «Огонёкка» ирэ-хоро кэпсэппиппит, үҥкүүлээбиппит.
Иккис күммүтүгэр иллэҥник сылдьыбыппыт. Оҕолору кытта үөрэ-көтө кэпсэтэн, түмүктэри истэн баран «Муус устар» бэстибээл түмүктүүр чааһыгар барбыппыт.
Бэстибээл сабыллыыта үрдүк таһымнаахтык ааспытын, графикатын, уотун-күөһүн, муусукатын билигин да өйдүүбүн. Бу маны барытын көрө олороммун «Саха сиригэр олоробун дуу, ханна эрэ соҕуруу олоробун дуу?» диэн санаан ылбытым.
Мин санаабар, бу маннык курдук араас тэрээһиннэргэ кыттан, киһи билиитэ хаҥыыр, ыыра кэҥиир, бэйэтигэр эрэлэ бөҕөргүүр. Ол иһин биир саастыылаахтарбын көхтөөх буоларга дьулуһуохха, үүнүүгэ-сайдыыга талаһыахха диэн ыҥырабын.
Богдан ЛОГИНОВ, Чурапчы гимназиятын пресс-киинин юнкора.