Хаптаҕай орто оскуолатын быйыл саҥа атыллаабыт үөрэнээччилэр оскуола бары тэрээһиннэригэр бэрт көхтөөхтүк кытталлар. Учууталлара Айталина Эдуардовна Никифорова төрөппүттэри, үөрэнээччилэри көҕүлээн салайан түмэн үлэлиир. Оскуола тэрээһинигэр төрөппүттэр түмсэ түһэн, көтүппэккэ кытталлар.
Холобур, күһүн «Көмүс күһүн», Саҥа дьыллааҕы адвент-халандаар бары сорудахтарын толордулар. Бэйэ Елка оонньуурун уонна маҥан өҥнөөх улахан сулустары оҥорууга, мобилизацияҕа сылдьар убайдарыгар сылаас наскы уо.д.а, кылааһынан эльф маскараат буолан, онно сөптөөх фотозона төрөппүттэр оҥорон, куобахчааннар үҥкүүлэрин толорон бастакытын оскуолаҕа үөрэ-көтө Саҥа дьылы көрүстүлэр.
Уонна Саҥа дьыллааҕы көрдөрүүгэ — 3 м., фотозона — 3 м., онон уопсай түмүккэ — 3 м. таҕыстылар, бу оскуола саамай кыраачаан үөрэнээччилэригэр — улахан ситиһии! Манна көхтөөх төрөппүттэригэр уонна учууталларыгар махтал. Үөрэх да ситиһиитэ үчүгэй — оҕолор ааҕар, суруйар буоллулар!
Оҕолор үөрэх кэнниттэн үҥкүүгэ дьарыктаналлар. Куруһуогу Айталина Альбертовна Антонова салайан, оҕолор үҥкүүлэрэ номнуо икки күрэххэ ситиһиилэннилэр. Оҕолорбут маннык көхтөөхтүк, ситиһиилээхтик, иннин диэки билии-көрүү аргыстаах учууталларын Айталина Эдуардовнаны кытта айанныы истиннэр.
«Кустук» медиастудия, Хаптаҕай орто оскуолата.