Бэс ыйын 6 күнүгэр Күөх Ньурба куоратыгар «История одного экспоната» диэн быыстапка арыллыыта буолла. Ньурбатааҕы Ксенофонт Дмитриевич Уткин аатынан норуоттар доҕордоһууларын түмэлигэр эрэгийиэннээҕи «Мин түмэлим» диэн Ньурбатааҕы түмэл 50 сааһыгар аналлаах биеннале иһинэн ыытылынна. Үөрүүлээх арыллыыга Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, улуус баһылыга Алексей Иннокентьев, түмэл салайааччыта Анна Туманова тыл эттилэр.
Быыстапкаҕа Сахабыт сирин араас муннуктарыттан сэдэх экспонаттар бааллар. Ону олохтоохтор кэлэн көрүөхтэрин-истиэхтэрин сөп. Быыстапка духуобунай ускуустубаны сайыннарарга туһааннаах. Ол курдук, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Горнай, Чурапчы, Өлүөхүмэ уонна Муома улуустарын биллэр-көстөр түмэллэрэ бэйэлэрин бастыҥ экспонаттарын илдьэ кэлэн кэпсээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ: Владимир Саввинов, Борис Борисов, Лена Десяткина истэ сылдьан улуустары сыаналаатылар.
Ону тэҥэ Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин кыраайы үөрэтэр түмэлэ киирэн бурдугу мэлийэр суоруна туһунан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Биир дойдулааҕым, түмэл салайааччыта Зинаида Васильевна Анисимова култуура уонна түмэл дьыалатын сайдыытыгар кылаатын иһин Ил Түмэн бастакы бэрэссэдээтэлин махтал суругун тутта.
Анжелина ЖДАНОВА,11 кылаас.
«Ыллык» эдкорпост.
Ньурба, Хаҥалас.