Оҕо саас саамай кэрэ саас! Ыраас, сырдык, олус элбэх күлүмнэс сулустаах уонна күннээх. Оҕо бу кэмигэр олоҕор буолар кэрэ түгэннэри иҥэринэн,өйүгэр- санаатыгар тутан хаалар кэрчигэ. Ол да иһин буолуо хас биирдии төрөппүт оҕотугар саамай умнуллубат түгэннэри толкуйдаан бэлэхтии сатыыр. Онтон оҕо эйгэтигэр үлэлиир иитээччилэр, учууталлар эмиэ олуһун диэн кыһаллан туран араас тэрээһиннэри ыыталлар.
Бэс ыйын 1 күнүгэр Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгэр «Чуораанчык» оҕо саада уонна кини филиала 7 км. Биэрэк Үрдэ нэһилиэгэр баар оҕо саада Оҕо көмүскэлин күнүн кытта «Чуораанчык» сурунаал 35 сааһын көрсө сүрдээх үчүгэй тэрээҺини ыыттылар.
Хас биирдии оҕо төрөппүттэрин кытта дьиэлэригэр Чуораанчык бэргэһэтин тиктэн кэттилэр, сурунаал гимин ырыатыгар флеш-мобтаатылар. Саха оонньууларыгар сүүрүүгэ, мас тардыһыытыгар, уһуну ыстаныыга күрэхтэстилэр, араас интэриэһинэй куонкурустарга сэргэхтик кытыннылар. Тэрээһин күүтүүлээх ыалдьыта Чуораанчык уол буолла. Төрөппүт, оҕо саада иитээччитэ Марта Афанасьевна Смирнова чуораанчык уол буолан оҕолорго аптаах түгэни бэлэхтээтэ. Минньигэс үбүлүөйдээх торт аҕалан амсатта. Ити курдук, “Чуораанчык” оҕо саадын коллектива оҕолорго биир саамай умунуллубат кэрэ түгэни арыйда. Өссө төгүл Чуораанчык уол баарын, кини 35 сааһын туолбутун уонна маннык чуораанчык бэргэһэлээх эбит диэн оҕолор өссө төгүл өйдөөтүлэр.
Оҕо сааһы харыстыахха, оҕолорбутун таптыахха!
Эйэни таптыыбыт,
Күөх халлаан анныгар
Оҕолор сайдабыт.
(А.Бродников)
Бэлэмнээтэ Нюргуяна Захарова
3 3
Красотауспеха и процветания
Маладьыастар, куруук учугэй, интэриэьинэй тэрээьини ыыталлар, тороппуттэргэ, саадик иитээччилэригэр элбэх ситиьиини, о5олорго доруобуйаны
Чуораанчыктар үүнэ -сайда турдуннар