Хотун Бүлүү өрүстээх, Тоҥуо урэхтээх, Харыйалаах кэрэ күөллээх Кэнтик сирэ-уота сатабыллаах удьуор уустар түмсүбүт дойдулара буолар. Бэс ыйын 19 күнүгэр «Күүгүнүүр күөртээх, кытыастар кыһалаах Кудай Бахсы уустара» күрэх буолан ааста.
Егор Сысоевич Тумусов, «ЧАП уустара» ассоциация салайааччыта: «Ыгым бириэмэҕэ, икки күн иһигэр, түүннэри-күнүстэри үлэлээн уустар болгуоттан араас көрүҥнээх оҥоһуктары оҥорон Олоҥхо ыһыаҕар күрэххэ кытыннылар. Болгуо курэҕэр 8 улуус, 8 кыһа баар этэ. Дьиэлэригэр бэлэмнээн кэлбит уустары холбоон, араас көрүҥнээх күрэххэ уопсайа 47 уус кытынна. Болгуо быһах күрэҕэр «Бастыҥтан бастыҥнара» ааты Бүлүү Сыдыбылыттан Семен Семенович Томскай ылла. Онно бастакы түһүмэххэ отут сөкүүндэ иһигэр быаны быһыахтаах, иккиһинэн, быһах бөҕөтүн бэрэбиэркэлээһиҥҥэ, сылгы туйаҕар икки киилэлээх тимиринэн станокка түһэриэхтээх. Саас буолбут уустар күрэхтэригэр тайах муоһугар этэ. Үһүс түһүмэххэ сылгы кылын быһаллар. Төрдүс түһүмэххэ ким төһө тиийэринэн канаты быһаллар. Семен сүүрбэ алтата быста уонна бастаата».
Ариан Васильевич Афанасьев, маастар: “Эр киһи толору симэҕинэн буолар: быһах, хатат, хаппар, хомус, дэйбиир, имитиллибит ынах тириитэ, мельхиордаах сүнньүөх кур, дьэс алтан киэргэллээх, ис өттүгэр синньигэс хос курдаах.
Болгуоттан, саха тимириттэн биэс сулуойдаах кыптыыйым бу күрэххэ кыайда. Итинтэн атын 555 сулуойдаах, 5 араас мааркалаах тимирдэри сыһыаран оҥорбут кыптыыйым эмиэ бу быыстапкаҕа кытынна».
Башкортостан култууратын үтүөлээхэ үлэһитэ, артыыс, Олонхо ыһыаҕар кэлэн уустар түһүлгэлэригэр ыалдьыттыы кэлбит, Миндигафур Зайнетдинов, Аан дойду виртуоз хомусчута: «Хомус тыаһа тимириттэн тутулуктаах. Эһиэхэ болгуоттан оҥороллорун истээччибин, онтон Башкортостаҥҥа кубыз диэн инструмены компьютер нөҥүө массыына оҥорон таһаарар. Маастардар бэйэлэрэ оһуордууллар, тылын оҥороллор».
Айсен Будищев, Кэнтик орто оскуолатын 11-с кылаас үөрэнээччитэ.