Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн байыаннай сулууспаҕа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө салҕанан бара турар.
Ороһу нэһилиэгин иһинэн тэриллибит «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрэ (салайааччы Надежда Васильевна Котоконова) #МыВместе акцияҕа көхтөөхтүк кытталлар. Инники кыттыыларыгар ичигэс таҥас, аптечкалаах суумка ыыппыттара. Бу сырыыга 16 кээнчэ, 6 балаклава, маллаах суумка (үтүлүк, наскы, бэргэһэ) тигэн ыытардыы бэлэмнээтилэр.
Ис сүрэхтэн, илиилэрин сылааһын ууран, этэҥҥэ сулууспалаан кэлэллэригэр санааларын ууран тикпит таҥастара саллаат доруобуйата айгыраабатыгар туһата улахан буолара саарбахтаммат. Үтүө санаанан салайтаран тиийбит баһыылка санааларын бөҕөргөттүн уонна баһыылка ыыппыт биир дойдулаахтарыгар эрэли, сэрии тохтууругар эрэли саҕар.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.