Бараммат хороммот,
Банаардаах сырдыктаах,
Баҕабын толорор-
Учуутал убайбар
Амма Аччыгыйа.
Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар “Учууталбынаан бииргэ” диэн эҕэрдэ-кэнсиэр ыытылынна. Учууталларбытын эҕэрдэлиир, айхаллыыр тэрээһиммит кырачааннар хоһоонноруттан, сценкаларыттан, үөрүүлээх эҕэрдэттэн саҕаламмыта. Сөбүлээн ыллыыр Витя Захаровпыт ырыата эҕэрдэ-кэнсиэрпитин олус сэргэхсиппитэ.
Улахан оҕолорбут толорууларыттан ордук VIII кылаастар фольклорнай нүөмэрдэрэ үрдүк биһирэбили ылбыта. “Индигир долгуннара” диэн оскуолабыт биир киэн туттар үҥкүү бөлөҕө үҥкүүлэринэн эҕэрдэлээн, түмүккэ бары кыралыын, улаханныын флешмобунан өрө көтөҕүллэн түмүктээбиттэрэ сонун буолла.
Сарсыҥҥытыгар оҕолор учууталлары солбуйан уруок биэрбиттэрэ бэрт долгутуулаах күн этэ. Ол курдук, оҕолорбут дуоспуруннанан, наһаа эппиэтинэстээхтик кыттыбыттара. Дириэктэри XI кылаас үөрэнээччитэ Вексений Булдаков солбуйбута. Иитэр-үөрэтэр чааска солбуйааччыларынан XI кылаас үөрэнээччилэрэ Джули Винокурова уонна Лана Кондакова этилэрэ. Оҕолор бары үөрэ-көтө үөрэммиттэрэ.
Үөрэппит учууталларбытын, бэтэрээн учууталларбытын үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлиибит! Өймөкөөн чиргэл тиитин курдук кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьолу- соргуну баҕарабыт!
Найаана Корякина,
Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ.
keskil14.ru