Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар балаҕан ыйын 14 күнүгэр сыл ахсын үгэскэ кубулуйбут күһүҥҥү «Кросс нации» ыытылынна.
Кыратык историятын санаан ыллахха, «Кросс нации» Россияҕа бастаан 1918 с. үөскээбит эбит. Оччолорго Петровскай пааркаҕа 4,5 км. сүүрүү этэ. Сүрүн сыала чөл олоҕу тутус уонна физкультуранан дьарыктан диэн ыҥырыы этэ. Онон Россия үрдүнэн балаҕан ыйын 16 күнэ «Кросс нации» сүүрүү күнүнэн бигэргэтиллибитэ.
Сарсыарда 11 чааска күрэхтэһиибит саҕаламмыта. Оҕо аҕыйах соҕус этэ, онон кыргыттар уонна уолаттар хамаандаларынан арахсыбыттара.
Күрэхпит бастаан эрчиллииттэн саҕаламмыта.
Алын сүһүөх кылаас оҕолоро 200 м. саҕалаабыттара.
I миэстэни IV кылаас үөрэнээччитэ Саян Сивцев,
II миэстэ III кылаас үөрэнээччитэ Даниил Платонов, III миэстэ II кылаас
үөрэнээччитэ Витя Захаров кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Кыргыттарга I миэстэ Милена Аммосова (IV кылаас),
II миэстэ Айыллаана Атласова (II кылаас),
III миэстэ Юлиана Сидорова (III кылаас) илин-кэлин түстүлэр.
Ортоку сүһүөх кылаас уолаттарыгар 400 м.
I миэстэ Ярослав Атласов (VII кылаас),
II миэстэ Данил Старков (V кылаас),
III миэстэ Денис Винокуров (VII кылаас) буоллулар.
Орто сүһүөх кыргыттарга
I миэстэ Влада Винокурова (VI кылаас), II миэстэ Далаана Сивцева (VII
кылаас), III миэстэ Туйаара Кривошапкина (V кылаас) иннилэрин диэки түһүннүлэр.
Улахан кылаас уолаттарыгар 800 м.
I миэстэ Петр Борисов (XI кылаас),
II миэстэ Ганс Малых (XI кылаас),
III миэстэ Давид Канаев (VIII кылаас) буоллулар.
Сүрдээх эрийсиилээх, сылаалаах күрэх да буоллар, күммүт чаҕылыччы тыган, сылаабытын умнан, үтүө күрэххэ кытынныбыт. Өссө да иннибитигэр үрдүк дабайыылары, ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!
Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын VIII кылааһын
үөрэнээччитэ Давид Канаев.