Н.О.Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатыгар быйыл ураты суолталаах үөрэх дьыла. Саха АССР 100 сылын көрсө,тапталлаах оскуолабыт 90 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээри, оскуола кэлэктиибэ, оҕолоро, учууталлара үөрэ-көтө түбүгүрэ сылдьаллар.
Ол курдук, ППМИ бырагырааматынан алтынньыга Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын тас көрүҥүн тупсарар үлэлэр түмүктэнэн, үөрүүлээх арыллыы буолан ааспыта. Оскуола территориятын сирин тэҥнээн, кумах, таас, буор куттулар,тимир олбуор оҥордулар, 70 лаампа олбуор тула сандаарда. Оҕо-аймах оонньууругар, сынньанарыгар аналлаах араас тутуулар саҕаланнылар. Ол курдук, беседка дьэндэйдэ, олорон сынньанарга хас да ыскаамыйа, бөҕү-сыыһы ыспакка, биир сиргэ мунньарга ууруналар, оҕо былаһааккалара турдулар, бэртээхэй өйдөбүнньүк бюст оҥоһулунна.
Саамай үөрүүлээҕэ, бэйэбит выпускникпыт Семен Семенович Сивцев, өрөспүүбүлүкэҕэ Чысхаан оруолун толорооччу, бэйэтэ тутан-хабан оҥорбута ордук суолталаах.
Саяна ВИНОКУРОВА, Н.О. Кривошапкин аатынан Өймөкөөн орто оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ.
Хомус күнүгэр
Хомус күнүгэр биһиги оскуолабытыгар эдэр учууталлар холбоһуктаах саҥа ансаамбыл тэрилиннэ.
Салайааччыларынан С.У. Сивцева уонна С.Е. Атласова үлэлиэхтэрэ. Хомус күнүгэр анаан Сэмэн Сивцев «Индигир хайалара» ырыатыгар хомуска оонньоотубут. Өймөкөөн иистэнньэҥнэрэ М.С. Иванова, Е.С. Репина, Н.Г. Уваровская тикпит «Бохо» кэлиэксийэлэрин таҥынныбыт. Саҥа тэриллибит ансаамбылга ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ.
О.В. СТЕПАНОВА, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы.