Таас Кыстаабыт
Былыр манна олохтоох дьүкээгир кыыһа уонна саха уола бэйэ-бэйэлэрин таптаспыттар. Кыыс аат Ньара, онтон уол аата Уолчаан диэн эбит. Уол баай киһи соҕотох оҕото үһү. Баай киһибит оҕолор кистэлэҥ тапталларын билэн баран, кыыһы өлөрөргө сананар. Ону билэн баран куоппуттар. Үрбэ диэн хайа иччитэ бу оҕолору саһыарбыт. Бу дьон барбыттарын кэннэ, хайа иччитэ иккиэннэрин кубаҕа кубулутар. Көтөн истэхтэринэ, баай киһи сэрэйэн тыһы кубаны ох саанан ытан түһэрэр. Куба ууга тиийэн түһэр, ону көрөн уол бэйэтигэр тиийинэн өлөр. Үрбэ хайа иччитэ кыыһыран, бу дьону “ити оҥорбут буруйгутугар бары таас буолан, харабыл буолан туруҥ” диэн барыларын тааска кубулутан кэбиһэр. Бу уоллаах кыыс аатынан Нера уонна Ольчан диэн үрэхтэри ааттаабыттар.
Кыыллаах (таптал) хайата
Хас биирдии сир туох эрэ кэпсээннээх, дьону –сэргэни тардар кэрэлээх буолар. Өймөкөөҥҥө Кыыллаах хайатын атыннык “Таптал хайата” диэн ааттыыллар. Үрдүгэ 1240 м. Хайа сирэйигэр уоллаах кыыс ойуута баар. Бу айылҕа биир дьикти көстүүтэ буолар. Хайаҕа анаан – минээн сайын, күһүн күүс ыла уонна кистэлэҥ баҕа санааларын этээри, олохтоохтор уонна ыраахтан кэлбит ыалдьыттар тахсаллар. Айылгылаах дьоннор Өймөкөөҥҥө кэллэхтэринэ, эбэһээт бу хайа чыпчаалыгар тиийэ тахсаллар, күүстээх энергия ылаллар, дьыалаларыгар, үлэлэригэр табыллыыны көрдөһөллөр. Кырдьык, баҕа санаалара туолар эбит.
Үөһэттэн көстүүтүгэр уоллаах кыыс туралллара көстөр.
Лабыҥкырга бастаан кимнээх олорбуттарай?
Хас биирдии дойду айылҕатынан, кэрэ миэстэлэринэн аатырар. Биһиэхэ, Өймөкөөҥҥө оннук сир элбэх.
Мин Лабыҥкыр күөл туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Онно туох эрэ дьиктини көрбүт номох туһунан буолбакка, бастаан кимнээх олохсуйбуттарын туһунан. “Лабыҥкыр” эбээн тылыттан “Улахан муора” диэн ааттанар эбит. Кэрэ олус кыраһыабай айылҕалаах, элбэх бултаах–алтаах, ып–ыраас дьэҥкир таас курдук уулаах уп-улахан күөллээх. Күөл тула аарыма таас хайалар.
Бу күөл туһунан истибэтэх, билбэтэх киһи суоҕа буолуо. Томтор бөһүөлэгиттэн 105 км. тэйиччи сытар. Лабыҥкыр устатын кээмэйэ 15 км., туората 4 км. Лабыҥкырга вездеходунан, атынан эбэтэр бөртөлүөнүнэн эрэ тиийиэххэ сөп. Үксүн ыраахтан кэлбит туристар уонна булчуттар эрэ сылдьаллар.
Былыр, номох кэпсииринэн, сахалар олохсуйуохтарын иннинэ, Лабыҥкыр күөлүн тула ыт көлөлөөх дьүкээгирдэр уонна эбээн омук олорбуттара үһү. Кинилэр бултаах сирдэрин былдьаһаннар икки ардыларыгар улахан кыргыһыы буолбут. Онтон сылтаан ордубут дьүкээгирдэр Халыма диэки куоппуттар эбит. Онтон кыргыһыыттан ордубут эбээттэр сахалар кэлиэхтэригэр диэри онно бултаан – аһаан олорбуттар, кэлин эмиэ сахалары кытта кыргыһыыттан атын сиргэ көспүттэр. Өймөкөөҥҥө билигин дьүкээгирдэр суохтар, арай Үчүгэй нэһилиэгэр эрэ эбээттэр түөлбэлээн олороллор. Кинилэр ыстаадаҕа кыһыннары, сайыннары таба иитиитинэн дьарыктанар туруу үлэһит дьон буолаллар. Лабыҥкыр таайыллыбатах таабырына билигин да үгүс.
Слепцов Сандаар,
VI кылаас.
Кыыс күөлэ
Өймөкөөҥҥө биир саамай дьикти кыраһыабай сибэккилээх күөл баар. Оннук сибэккилээх күөл арааһа Саха сиригэр суоҕа буолуо дии саныыбын.
Үһүйээн кэпсииринэн, былыр бу күөл кытыытыгар биир ыал олорбута эбитэ үһү. Бу ыаллар сүрдээх үчүгэй сибэкки курдук кыраһыабай кыыстаахтар эбит. Оҕолоро улаатан сиппитин кэнниттэн, ыраахтан – чугастан эдэр уолаттар кэргэн кэпсэтэ кэлэр буолбуттар. Ону кыыс сөбүлээбэт буолан, аккаастанан төннөллөрүгэр эрэ тиийэллэрэ үһү. Кыыс бэйэтэ сүрэҕэ сөбүлүүр, таптыыр уоллаах буолан кими да чугаһаппатах. Аттынааҕы кыракый алааска олорор биир уоллуун оҕо эрдэҕиттэн оонньоон-көрүлээн тэҥҥэ улааппыттар. Улаатаннар доҕордоһуулара тапталга кубулуйбут. Бу уолга кэргэн тахсыан баҕарар эбит.
Биир үтүө күн Таатта диэкиттэн сүрдээх баай киһи бу кыыс кэрэ сураҕын истэн, уолунуун кэргэн кэпсэтэ кэлбиттэр. Бу дьон кыыс аҕалаах ийэтин кытта биир сүбэнэн илии тутуһаллар уонна болдьоспут кэмнэригэр уруу оҥоруох буолаллар. Күтүөт аҕатын кытта барбытын кэннэ, кыыс “ити киһиэхэ кэргэн тахсыам суоҕа” диэн кыккыраччы аккаастанар. Дьоно кыыстан ааттаһа сатыыллар “баай уолга эргэ таҕыс, дьоллоохтук олоруоҥ” диэн. Кыыс туох да иһин буолуммат.
Болдьоспут кэмнэрэ туолан, били баай киһибит уолун, дьонун кытта тиийэн кэлэллэр. Уруу буолуохтаах күнүгэр, кыыс эрэйдээх ытаан-ытаан баран, биир маска моҥнон өлөн хаалар. Онтон ыла бу кыыс хараҕын уутуттан үөскээбит күөл диэн кэпсээн киһиттэн киһиэхэ бэриллэн кэлбит. Дьиктитэ диэн бу күөл уута киһи хараҕын уутун курдук туус амтаннаах. Сайын ахсын бу Кыыс күөлэ олус кэрэ үс араас өҥнөөх сибэккилэринэн туолар, киэркэйэр. Кыыс кыраһыабай дьүһүнүн санатар.
Бу күөл Өймөкөөнтөн биир көс сиргэ баар. Сайын ахсын бу күөлгэ олохтоохтор, ыалдьыттар, сөтүөлээн, хаартыскаҕа түһэн, сынньанан баран кэлэллэр. Үөрэхтээхтэр хаста да кэлэннэр күөл уутун састаабын үөрэтэн, чинчийэн барбыттара.
Романа Заболоцкая, V кылаас.
Үрэх төрдө
А.Е.Кулаковскай Өймөкөөҥҥө сэттэтэ кэлэ сылдьыбыта. Бу дойду айылҕатын, дьонун-сэргэтин сөбүлээн бачча ыраах сиргэ сэттэтэ кэлэн бардаҕа. Өксөкүлээх Өлөксөй Үрэх Төрдө диэн сиргэ Сыромятниковтар балаҕаннарыгар кэллэҕинэ, күндү ыалдьыт буолара үһү.
Бу сири сөбүлээн 1924 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр Өймөкөөҥҥө бастакы ыһыаҕы ыспыта. Ыраахтан – чугастан олохтоохтор, ыалдьыттар оҕуһунан, атынан, табанан кэлбиттэрэ. Бу Саха сиригэр гражданскай сэрии бүтэн, сэбиэскэй былааһы уруйдуур, эйэлээх олох эргийбит ыһыаҕа этэ. Ыһыахха анаан А.Кулаковскай үс оһуордаах – мандардаах сэргэлэри Кыйма Баһылай диэн уус киһини кытта иккиэн оҥорбуттар. Биир сэргэҕэ кыһыл саһылы ыйаабыттар. Сүүрүүгэ ким кыайбыт ол бирииһэ эбит. Бу куоталаһыыга Өймөкөөн суруйааччыта Н.М.Заболоцкай – Чысхаан кыттыбыт. Онно Коля Бобуохап диэн эдэр уол кыайбыт.
Үрэх Төрдө Томтор бөһүөлэгиттэн Өймөкөөннүүр суолунан бардахха, 6 көс биэрэстэлээх сиргэ баар. Айан суолуттан 1 биэрэстэ кэриҥэ иһирдьэ киирдэххэ, сэргэлэргэ тиийэҕин. Билигин бу үс сэргэттэн иккитэ эрэ баар, оччотооҕу кэм тыыннаах кэрэһиттэрэ буолан, ыалдьыттары ыҥыра – угуйа тураллар.
Меценат, Өймөкөөн атыыһыта Н.О.Кырбаһааҥкын уһаайбата
Өймөкөөн улууһун Байаҕантайыттан төрүттээх 1 гильдиялаах атыыһыт, меценат Николай Осипович Кривошапкин буолар.
Кини Тарын-Үрэх диэн сиргэ 1832 с. сэниэ ыалга төрөөбүтэ. Кэлин аатырбыт атыыһыт буолан, Өймөкөөнүнэн, Халыманан, Сэйимчээнинэн, Оротугунан, Төбүлэҕинэн, Муоманан, Верхоянскайынан, Тааттанан, Дьокуускайынан эргинэр буолбут. Бэйэтин харчытынан хас да оскуоланы, таҥара дьиэлэрин, элбэх тутууну туттарбыта, дьону — сэргэни аччыктааһынтан быыһаабыта. Хас да мэтээлинэн, уордьанынан наҕараадаламмыта. Император Николай II “Павел Буре” диэн ыраахтааҕы фабрикатыгар оҥоһуллубут кыһыл көмүс сыаптаах чаһытын бэлэхтээбитэ. Н.О.Кырбаһааҥкын уһаайбата, олорбут дьиэтэ Хара Тумул уонна Өймөкөөн икки ардыгар баар.
Сытыган сыылба
Индигир өрүс үөһээ баһыгар сүүрүгүрэр Сытыган-Сылба диэн тоҥмот дьүүктэ (родник) баар.Томороон да тымныыларга дьүүктэ сүүрүгүрэ сытар. Аата да этэрин курдук, бу дьүүктэ күүстээх сероводород сытын биэрэр. Олохтоохтор дьүүктэни араас ыарыыны эмтиир диэн бэлиэтииллэр. Сордоҥноох нэһилиэгиттэн 40 км. тэйиччи сытар.
Өймөкөөн күрүлгэннэрэ (водопады)
Тымныы полюһугар хайалар эрэ буолбакка бэрт кэрэ көстүүлээх күрүлгэннэр эмиэ бааллар. Мүнүл өрүскэ күрүлгэн уһуна 12-15 м, кэтитэ 10-12 м.