Мин «Амма чэчирэ» ансаамбылга фольклорнай бөлөххө 2-с кылаастан дьарыктанабын. Саха фольклорун эрэ буолбакка айылҕаны харыстыырга эмиэ үөрэнэбит. Бу үөрэхпитин үгэс быһыытынан салҕыыбыт. Бу үгэһи төрүттээччи Гелярий Владимирович Сидоркевич буолар. Кинини билбэт киһи диэн суоҕа чахчы. Кини айылҕа харыстабылыгар элбэх сүдү үлэлэри хаалларбыт. Гелярий Владимирович үлэлэрин биһиги айар сайдыы кииммит иһинэн баар музейыгар көрөбүт. Онно бааллар хаартыскалар, пособиялар, кинигэлэр уонна кини туттубут маллара.
Биһиги иитиллээччилэр уонна «Амма чэчирэ» фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта Сахаяна Харитонова саха киһитэ алаас оҕото, кини айылҕалыын алтыһыыта, уйгулаах олоҕо айылҕаттан тутулуктааҕын оҕолорго тириэрдэр соруктаах экологическай хайысхалаах тэрээһиннэри ыытабыт.
2018 сыллаахха «Аммачэчирэ» ансаамбыл оҕолоро Гелярий Владимирович экспедициятын салҕаан, 2 хонуктаах, Амма ытык сиригэр Өнтө хайатыгар тиийэн араас эмтээх оттору хомуйбуппут, ууттан анализ ылбыппыт уонна өрүс үрдүнэн «Танха» диэн сиргэ Ольга Петровна уонна Гелярий Владимирович хаартыскалаах, «Үйэлэргэ уста тур, эн КыысАмма» диэн суруктаах баннер ыйаабыппыт. Бу икки куммут сурдээх интэриэьинэйдик, сэргэхтик ааспыта. Төһө даҕаны куйаас күннэр турдаллар, Амма бытыраас, сылаас уута быыһаабыта. Интэриэһинэйэ диэн икки күммүтүн атын атын үүтээннэргэ хоммуппут. Үүтээн диэн эмиэ туспа итэҕэл, дьиктилэр. Бу үүтээҥҥэ байанайдаах булчуттар хонон аастахтара. Биһиги уопсайа 14 этибит, онон бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, өйөнсөн, тайансан сылдьыбыппыт, онон куттал да сылайыы да суоҕа. Билигин номнуо 6 -с сылын ааспыт, саныырга олус күндү күннэр этилэр. Маны таһынан айылҕа харыстабылыгар араас акциялары ыытабыт, ол курдук: Батарейкалары хомуйбуппут, араас хоппуруон хаппахтары хомуйбуппут. Хаппахтары, батарейкалары хомуйан баран олохтоох Экология дьиэтигэр туттарабыт. Бу акция сыл аайы ыытыллар. Онтон 2020 сыллаахха Амма өрүһүн үрдүнэн үүнэн-силигилээн турар мастарбытын кэрдэргэ соруммуттарыгар, ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйа 30 күнүгэр дылы «Амма айылҕатын харыстаан!» диэн этиилээх акцията ыытыллан, кыттыыны ыллыбыт. Манна чугас улуустартан, Аммабыт нэһилиэктэриттэн аат ыйыылаах, аадырыстаах, илии баттааһыннаах «Маҥан холууптары» көтүттүлэр. Ыарыы – дьаҥ туран, карантин бэриллэн, дьон-сэргэ дьиэҕэ олорор кэмнэрэ буолан подпись хомуйуута ыарахаттардаах буолта диэххэ сөп. Ол да буоллар ыһыктыбакка, санаабытын түһэрбэккэ кэрэ айылҕалаах кыыс Аммабытын харыстыыр, ытыктыыр туһуттан акция көхтөөхтүк ыытыллыбыта. Акция түмүгүнэн 806 «Манан холууп» хомуллубута. Бу акцияны Ольга Иванова улахан кыыһа Вера Геляриевна иилээн-саҕалаан ыыппыта. Акцияҕа «Амма чэчирэ» иитиллээччилэрэ кыттыыны ылбыппыт. Сорох холууптар почта дьааһыгар, сорох холууптар ыйыллыбыт электроннай аадырыска уонна ватсап ненуе кэлитэлээбиттэрэ. Ынырыы биллэриитин керен Республика араас муннуктарыттан кыттыспыттара. Ол курдук: Ханалас, Мэнэ Ханалас, Чурапчы, Таатта, Уус Алдантан, Дьокуускайтан уонна хотугу улуустартан тиийэ кэлитэлээбиттэрэ.
Сайынны кэмнэ «Мой цветочный двор» диэн куруһуок үлэлээбитэ. Манна үөрэнээччилэр саас эрдэ рассада ыһан бэлэмнэһэн, сайын Айар сайдыы кииммит тэлгэһэтигэр олордуһабыт. Маны таһынан помидор рассадатын олордон атыылаабыппыт, киирбит харчынан буор, сибэкки удобрениятын уонн сиэмэ ылбыппыт, эһиилги олордууга хаһааммыппыт. Бу куруһуокка хайдах сибэкки сиэмэтин таларга, кашпо киэргэтиитигэр уонна Аммабыт өрүһүн таастарыгар ойуулаан сибэккилэр иһиттэрин киэргэтэргэ үөрэммиппит. Бу куруһуокка Амма араас нэһилиэктэриттэн кырачаан кыргыттар сөбүлээн дьарыктаммыттара. Бу проегы хас сылын ахсын ыытыллара наадалаах дии саныыбын. Кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтэ тутан-хабан, көрөн-истэн үөрэннэҕинэ кэлэр кэмнэргэ хаһаайка бастыҥа, оҕуруотчут бэрдэ, дьонун-сэргэтин битэмииннээх аһынан аһатар киһи буолан улаатар, кэрэни кэрэһэлиир, харыстыыр буолар.
Хас сылын ахсын ыам ыйын 22 күнүгэр «Салама ыйааһына» ыытыллар. Бу Ольга Петровна ансаамбылга үгэс гынан хаалларбыт сиэрэ-туома буолар. Бу үгэһи утумнаан сылын ахсын ансаамбылбыт оҕолорун илдьэ сиэри-туомуту туьан салама ыйыыбыт, айылҕабытын арыылаах алаадьынан айах тутабыт, араас көрдөөх оонньуулары оонньуубут.
Сэтинньи ый – Байанай ыйа. Бу ыйга хайаан да уолаттарга аналлаах Баай Байанайга сүгүрүйэн Айыы дьиэтигэр алгыс ыытыллар, сиэр-туом толоруллар. Ол кэннэ бултка-алтка аналлаах араас көхтөөх оонньуулар, күрэхтэр ыытыллаллар. Манна уол оҕо иитиитэ, аҕа уолугар болҕомто ууруллара, бултка үөрэҕэ көстөр. Байанай күрэҕэ сылын ахсын ыытыллар, кыттааччы сыл аайы эбиллэ турар, оҕолор сүрдээҕин сөбүлүүллэр, интэриэһиргииллэр. Сэтинньигэ өссө биир интэриэһинэй тэрээһиммит «Идэһэлэнии – саха төрүт үгэһэ» куонкурс буолар. Бу куонкурска эмиэ сүрдээҕин сөбүлээн кытталлар. Хамаанданан арахсан ыытыллааччы, ону таһынан хаартыска нөҥүө эмиэ ыытыллааччы.
Биһиги «Амма чэчирин» ансаамбылын оҕолоро, үөрэнээччилэрэ төрөөбүт дойдубутун таптыыр буоламмыт айылҕаны харыстааһыҥҥа олус болҕомтобутун уурабыт уонна кэлэр кэнчээри ыччаттарга, ыалдьыттарга оннук иитиини, өйдөбүлү тириэрдэбит.
Сайаана ФЕЛЕГОНОВА, IX кылаас, «Амма чэчирэ» ансаамбыл иитиллээччитэ, В.Г. Короленко аатынан Амма 1 №-дээх орто оскуолата