Чурапчы нэһилиэгин «Чуораанчык» оҕо сайдар киинин иитээччилэрэ, орто уонна кыра бөлөх оҕолорун кытта Көһүрүллүү 80 сылын чэрчитинэн «Үйэлэргэ умнуллубат» диэн дьүһүйүүнү уһуллубут. Оҕолорго кыраларыттан улууспут историятын кэпсээн, өйдөрүгэр хатанан хааларын курдук араас тэрээһиннэри тэрийэн, онно кытыннаран, хаартыскаҕа, видеоҕа устан үйэтитэбит. Маннык тэрээһиннэрбитигэр төрөппүттэр эмиэ олус көхтөөх кыттыыны ылаллар, таҥас-сап булан, таҥыннаран улахан өйөбүлү оҥороллор. Тыа сиригэр олорор буоламмыт, эргэ ампаар буламмыт оччотооҕу кэмҥэ маарыннатан оҥоро сатаатыбыт. Иитээччилэрбит Оконешникова Е.И, Лебедева М.Н, Гурьева Н.К, Кычкина А.И сценарийдаан, оччотооҕу ыар кэми оруобуна да буолбатар, чугаһатан уһуллубут. Биир дойдулаахтарбыт дьиэлэрин-уоттарын хаалларан, субу курдук кыра, оннооҕор кыһыл оҕолордоох ыраах хоту улуустарга ардаҕы, хаары бүрүммүтүнэн, аһаҕас халлаан аннынан айаннаатахтара. Улахан аҥардара букатыннаахтык, төннүбэттии баран эрэллэрин сэрэйбэтэхтэрэ да буолуо.
Аҕа көлүөнэ дьоммут олорон ааспыт олохторо, үлэлээбит үлэлэрэ дойду историята буолаллар. Ол кэми биһиги кэнчээри ыччаттарбытыгар тиэрдэр ытык иэспит буоларын умнубаппыт!
Мария Николаевна Лебедева, Чурапчы улууһа.