Бастакы чиэппэр бүтүүтэ дьүөгэбин кытта этиһэн кэбиспитим. Кып-кыраттан сылтаан — баара-суоҕа эркин хаһыатыттан. Оҥорорго көмөлөһө кэлбэтэҕэ. Сарсыныгар кыһыйаммын саҥарбытым. Онтон өһүргэнэн, күн бүгүнүгэр диэри кэпсэппэт. Дъиҥэр, мин ону оччо улахан иирсиигэ холооботоҕум. Таах сэмэлээтим эрэ дии санаабытым. Ол иһин бастаан утаа, үгэспинэн, үөрэ-көтө дорооболоспутум. Ону кини кынчарыйбыта. Онуоха мин: «Сылдьыаҥ ээ», — диэбитим уонна эмиэ эйэргэспэт буолбутум.
Баҕар, мин бырастыы гынарбын кэтэһэрэ буолуо дуу? Ол эрээри, мин бэйэбин буруйдаах курдук санаммаппын. Кырдьыгы эппитим. Ылыныахтаах этэ. Саатар, дьиэлэрбит кэккэлэһэ, паарталарбыт сыста тураллар. Ол иһин хайдах эрэ табыгаһа суох балаһыанньа үөскээтэ. Уу тэстибэт доҕордуулар кэпсэппэт буолбуппутун бары дьиибэргии көрөллөр быһыылаах. Хайдах гынан өйдөһөр суолу булабыт?
Лена.
***
Дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн киинин психолога Мотрена Егорова:
—Лена! Өскө уолаттар, бу сибилигин охсуһан баран, сонно тута туох да буолбатаҕын курдук кэпсэтэн киирэн барар эбит буоллахтарына, кыргыттар оннук буолбатахтар. Кинилэр хомолтолорун, аһыыларын өр кэмҥэ тутар уратылаахтар. Ол төрүөтэ — олус уйан, нарын дууһалаахтара буолар. Нууччалыы эттэххэ, эмоциональнайдар. Ол иһин түргэнник өһүргэнэллэр, хаҕыс сыһыаны ыарыылаахтык ылыналлар.
Дьиҥэр, кыыһыттан, уолуттан тутулуга суох, хаһан баҕарар судургу буолар ордук. Оннук олорорго да чэпчэки. Оттон төһөнөн уһун кэмҥэ муунтуйаҕын — соччонон кыһалҕаҕын дириҥэтэн биэрэҕин. Күннээҕи быһаарсыылары баҕас түргэнник аһарынар куолу. Олоххо араас буолар, ол аайы кыйахана, кыыһырса, аахса сырыттаххытына, ханна ыраатыаххытый? Ньиэрбэ да баранан бүтэр буоллаҕа эбээт.
Бу түбэлтэҕэ икки өттүттэн сыыһалааххыт. Онон өскөтүн бэйэ-бэйэҕитин суохтаһар буоллаххытына, хайаҕыт эрэ бастакы хардыыны оҥоруохтаах. Эн эйэлэһиэххин баҕараҕын. Оччотугар өһөспөккө-улаатымсыйбакка, көнөтүнэн кэпсэтэргэ сорун. Мин саныахпар, дьүөгэҥ даҕаны утарыа суоҕа, иллэһэргэ бэлэм сылдьара буолуо. Кэпсэтэн, барытын быһаарсыҥ, санааҕытын этиҥ уонна өйдөһө сатааҥ. Ситиһиилэри!