Россия наукатын күнэ Кеша Алексеев аатын сүгэр оскуолаҕа ыытылынна. Олунньу 8 кунэ — наука кунэ . Бу күнү Россия ыраахтааҕыта Петр1 олохтообута биллэр. Ыраахтааҕы укааһынан 1724 сыллаахха олунньу 8 күнүгэр Россия судаарыстыбатыгар наука сайдыытын туһунан указ таһаарбыт.
Бу укааһынан наука Академията тэриллибит. Бу кун оскуолабытыгар « Өйдөөх өссө өйдөөх» үрдүкү , «Учуонай этэр» орто сүһүөх , «Бу биһиэхэ наада» алын кылаас үөрэнээччилэригэр күрэхтэр буоллулар. Күрэхтэри «Сарыал» 10 кылаас үөрэнээччилэрин түмсүүтэ тэрийэн ыытта.
Күрэх икки түһүмэхтээх буолла. Бастакы түһүмэххэ учуонайдар хаартыскаларын уонна научнай үлэлэринэн ханнык учуонай үлэтэ буоларын быһаардылар. Иккис түһүмэххэ талбыт учуонайбыт туһунан кэпсээтилэр. Күрэҕи ииллээн саҕалаан оскуолабыт 10 кылааһын үөрэнээччитэ Ефремова Алена уонна директор субэһитэ А.С. Егорова ыыттылар.
Маннык күрэххэ оҕолор элбэҕи билэн, истэн барбыттара саарбаҕа суох.
Карина Антонова «Кустук»
медиастудия иитиллэччитэ.