Биһиги биир дойдулаахпыт, биллэр-көстөр общественнай деятель, Саха АССР үөрэҕириитин наркомнарыттан биир бастакылара, Иван Николаевич Жирков муус устар 22 күнүгэр төрөөбүт күнэ буолан ааста. Уус-Алдан улууһун Дүпсүн орто оскуолата кини аатын чиэстээхтик сүгэр.
Иван Николаевич Жирковка аналлаах бюст памятнига оскуолабыт иннигэр турар. Бу бюст памятник туһунан билээрибин, чинчийэр-көрдүүр сыаллаах үлэлээн, маннык чахчылары биллим: 1972 сыллаахха Илья Ефимович Репин аатынан Ленинградтааҕы художественнай институту саҥа бүтэрэн кэлбит Петр Алексеевич Захаров чочуйан оҥорбут. Петр Алексеевич Захаров 1933 сыллаахха Кэбээйи улууһугар төрөөбүт. Кини Саха сирин наруодунай худуоһунньуга, биллиилээх монументалист скульптор. Петр Алексеевич үлэлэрэ Дьокуускайга, Москубаҕа туралларын биллим, биллэр-көстөр үлэлэрэ — Саһыл – Сыһыы геройугар И.Я.Стродка, Бүлүүгэ революционер-демократ, нуучча классик суруйааччыта Н.Г.Чернышевскайга, саха норуотун чулуу уолугар М.К.Аммосовка, саха литературатын төрүттээччилэр А.Е.Кулаковскайга, П.А.Ойуунускайга онтон да атыттар. Кини үлэлэринэн саха норуота бүтүннүүтэ киэн туттар.
Иван Николаевич Жирков памятнигын оҥотторууга кэргэнэ Марфа Иосифовна Слепцова көмөлөспүт, Дүпсүҥҥэ пааматынньыгы үөрүүлээхтик аһыыга кэлэн күндү ыалдьыт буолбут.
2003 сыллаахха Саха норуодунай худуоһунньуга, үс сойуус үтүөлээх үлэһитэ, биир дойдулаахпыт, скульптор Василий Василий Бочкарев салалтатынан Иван Николаевич Жирков памятнига саҥа оскуолабыт иннигэр көһөрүллэн кэлбит.
Памятник чөлүгэр түһүүтүгэр Ил Түмэн депутата Александр Николаевич Жирков бэйэтиттэн харчы биэрэн үбүлээбит. Постаменын оҥорууга Космонавтика музейын директора Иван Данилович Жирков, үлэ уруогун учуутала Алексей Николаевич Осипов, оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Ганя Прибылых, Афоня Соловьев, Женя Неустроев, Эдик Иванов кыттыыны ылбыттар. 2003 сыллаахха Учуутал күнүгэр үөрүүлээхтик аһыллыбыт. Манна Иван Николаевич балта педагогическай үлэ ветерана, Российскай Федерация үөрэҕириитин туйгуна Анна Николаевна Жиркова күндү ыалдьыт буолан, ыҥырыллан сылдьыбыт, убайын туһунан дириҥ ис хоһоонноох истиҥ ахтыыны оҥорбут. “Убайым мичээрдиир, биһигини кытта тэҥҥэ үөрэр курдук” – диэн ис сүрэҕиттэн үөрбүтүн биллэрбит.
Дүпсүн оскуолатын хас биирдии үөрэнээччитэ кини албан аатыгар сүгүрүйэр, киэн туттар, өлбөөдүйбэт үтүө өйдөбүнньүк аттыгар хаартыскаҕа түһэн үйэтитэр. Биһиги былырыын пааматынньык аттыгар аалай кыһыл петуния сибэккилэри үүннэрэн, сайын устата көрбүппүт-истибиппит. Үйэлэри уҥуордаан кэлбит, үөрэҕи-сырдыгы тарҕаппыт үөрэх биир бастакы наркома Иван Николаевич Жирков үтүө аата ааттана, кэнчээри ыччакка холобур буола турдун!
Лыткина Сандаара, Дүпсүн орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ, кини салайааччыта алын сүһүөх кылаас учуутала Раиса Петровна Протопопова.