Бу күннэргэ бүтүн дойдубут үрдүнэн «Үрүҥ торуоска» ыйынньык ыытылла турар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н. Егоров — Горнай аатынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр дьон анал бибилэтиэкэтэ ыйынньык чэрчитинэн 2012 сылтан, ол эбэтэр быйыл 12 төгүлүн буолар «Егоровскай ааҕыылар» күрэҕи үрдүк таһымнаахтык ыытар.
Бу тэрээһин уһулуччулаах поэт, учуутал, сахалыы Брайль алпаабытын айбыт Иван Николаевич Егоров – Иван Горнай үтүө аатын, олоҕун, үлэтин үйэтитэр сыаллаах. Быйылгы күрэх биир уратытынан оҕо учууталын, уһуйааччытын кытары бииргэ ааҕыыта буолар. Ол курдук, бэйэлэрин холоно анал коррекционнай оскуола уонна уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын үөрэнээччилэрэ педагогтара уонна төрөппүттэр көхтөөхтүк кыттыннылар. Хамсык кэмигэр үс сыл тухары күрэх кэтэхтэн ыытыллыбыта. Онон быйыл сыанаҕа тахсан уус-уран ааҕыы ыытыллара кыттааччыларга, тэрийээччилэргэ, дьүүллүүр сүбэҕэ олус долгутуулаах буолла.
Күрэх үс туспа түһүмэххэ арахсан сыаналанна. Ол курдук «Мындыр поэт санаалара» уонна «Сахам сирин таптыыбын» диэн уус уран ааҕыы күрэҕэр күөн көрүстүлэр. Ону таһынан хоһоон суруйуутугар «Учууталга анаан» кэтэхтэн куонкуруска өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан эмиэ көхтөөх кыттыыны ыллылар. Күрэҕи национальнай художественный музей режиссера, уус-уран салайааччыта Альбина Львовна Габышева, тылбаасчыт, суруналыыс, Кыым.ру сүрүннүүр эрэдээктэрэ Дегтярева Мария Геннадьевна, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Гоголев Василий Иннокентьевич – Уйулҕан сыаналаатылар. Ону тэҥэ кэтэхтэн куонкурус дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлинэн Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Хотугу сулус» сурунаал эппиэттиир сэкирэтээрэ Попова Ираида Гаврильевна буолла.
Куонкурус түмүгүнэн «Мындыр поэт санаалара» түһүмэххэ Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Аюна Сахарова уонна нуучча тылын учуутала Ефимова Екатерина Петровна «Орфей и Эвридика» диэн ураты айымньыны дьүһүйэн кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр. Иккис кыайыылааҕынан өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай интэринээт-оскуола үөрэнээччитэ Данил Кондратьев аҕатынаан Сергей Андреевичтыын олус истиҥ «Весенняя песня» диэн хоһоону ааҕан эмиэ маҥнайгы миэстэни ыллылар. Анал бирииһи саамай ыраах улуустан, Үөһээ Бүлүү Өргөт
нэһилиэгиттэн Леонтий Ноговицын тутта.
«Сахам сирин таптыыбын» түһүмэххэ библиотека кэскиллээх, көхтөөх ааҕааччыта, өрөспүүбүлүкэтээҕи коррекционнай интэринээт-оскуола үөрэнээччитэ Михаил Котельников уонна иитээччитэ Октябрина Егоровна Матчитова кыайыан кыайдылар.
«Учууталга анаан» кэтэхтэн куонкуруска Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 24 үлэ киирбитэ. Улахан дьоҥҥо Хаҥалас улууһуттан Натали Добрянцева «Учитель первый» диэн бэйэтэ айбыт хоһоонунан бастакы миэстэни ылла. Оҕолорго коррекционнай оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Тамара Замятина кыайда.
Оҕолорбут санаалара
Ноговицын Леонтий – Үөһээ Бүлүү Өргөт нэһилиэгин орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ:
«Егоровскай ааҕыылар» куонкуруска үһүс төгүлүн кыттабын. Бастакы кыттыыбын бу баардыы өйдүүбүн. Баара суоҕа түөрт эрэ саастаах оҕо этим. Дьокуускай курдук улахан сиргэ кэлэн сыанаҕа тахсарбыттан олус долгуйбутум. Бүгүҥҥү куонкуруска Иван Горнай тапталлаах дойдубут тэбэр сүрэҕин, «Дьокуускай киин куоратым» диэн хоһоонун аахтым. Сылын аайы куонкуруспут таһыма үрдээн, кыттааччылара элбээн иһэллэрэ үөрдэр».
Назарова Влада — өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола- интэринээт 4 кылааһын үөрэнээччитэ:
«Уһуйаан кэмнэрбиттэн саҕалаан хоһоон ааҕарбын кэрэхсиибин. Мин бүгүн Иван Горнай «Интернатка» хоһоонун дорҕоонноохтук аахтым. Бу хоһоону хайдах эрэ тута сөбүлүү, сэргии көрбүтүм. Уопсайынан да Иван Горнай айымньыларын бэйэм санааларбар, куппар-сүрбэр чугас
ылынабын».
Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Аюна Сахарова:
«Мин «Егоровскай ааҕыылар» куонкуруска бастакыбын кыттабын. Иван Горнай айар үлэтин бу да иннинэ билэр, умсугуйан туран ааҕар этим. Кини сахалыы брайль систиэмэтинэн алпаабыт айбытын биһирии саныыбын. Көрбөт дьоҥҥо ааҕар, суруйар кыах биэрдэҕэ».
Нуучча тылын учуутала Ефимова Екатерина Петровна:
«Биһиги библиотекаттан сайаапка тутаат Аюналыын кыттарга санаммыппыт. Өр толкуй кэнниттэн Горнай «Орфей и Эвридика» диэн айымньытын талан кытынныбыт. Бэйэм эмиэ инбэлиит оҕолоох төрөппүт буоларым быһыытынан, маннык хабааннаах куонкурустар олус тоҕоостоох уонна наадалаах буоллулар диэн бэлиэтээн этиэм этэ. Библиотека бу курдук үрдүк таһымнаах куонкуруһу тэрийбитигэр махтанабыт!»
Оксана Саввинова