Саха сирин биир чаҕылхай, айылҕаттан айдарыылаах, норуодунай поэта,суруйуу араас хайысхаларыгар: хоһоон, кэпсээн, сэһэн суруйуутугар тахсыылаахтык үлэлээбит, Уйбаан Кындыл – И.М.Гоголев 90 сааһын өрөспүүбүлүкэ барыта үрдүк таһымҥа бэлиэтээтэ.Оҕолор да мантан хаалсыбакка үгүс тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан айар тыл маастарын алыптаах – хомуһуннаах тылын-өһүн балаччы билистэххит.
Бүгүн билиһиннэрэр оҕом эмиэ Кындыл диэн ааттаах эбит. Бу аат сахаларга олус тэнийбэтэх аат. Дьэ, ол иһин Үөһээ Бүлүүгэ маннык ааттаах оҕо баарын истэн кэпсэттим:
— Дорообо! Эйигин бары Кындыл диэн ааттыыллар эбит дии.
— Дорообо! Оннук. Өссө “Ньургуһун” уһуйааҥҥа сылдьар эрдэхпинэ Кындыл сайылыга диэн анал сүөһү – сылгы баайдаах саха алааһын көрдөрөр муннуктаах этим. Дьиҥэр аатым Ваня диэн ээ.
— Оччоҕо тоҕо эйигин Кындыл диэн ааттыылларый?
— Уйбаан диэн эһэм аатын иҥэрэргэ аҕам тыл көтөхпүт. Араспаанньабыт Гоголевтарбыт.Ол иһин эбэм,сайын тыаҕа олорон,телефонунан тапталлаах,сүгүрүйэр суруйааччытын аатыгар майгылатан, “Хата Кындыл кэлбит”,- дии диэбит.
— Ааккын сөбүлүүгүн дуо?
-Сөбүлээн. “Дьонум паспорт ыларгар ааккын Кындыл диэҥҥэ уларытабыт дуо?” — диэбиттэрэ. Мин уларытыам диэбитим.
-Үөрэххэр хайдаххыный? Хаһыс кылааскыный? Сөбүлүүр дьарыгын?
-Мин Д.С.Спридонов аатын сүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи 4 № -дээх орто оскуола 5 кылааһыгар үчүгэйдик үөрэнэбин. Кылааспыт уолаттар киэннэрэ, салайааччыбыт Зинаида Евсеевна, саха тылын литературатын учуутала. Үөрэҕим кэннэ дьиэҕэ сорудахтары аахтабын. Ийэлээх аҕабар дьиэ үлэтигэр көмөлөһөбүн. Ону таһынан оһуохай, ырыа куруһуоктарыгар сөбүлээн дьарыктанабын.
—Улааттаххына туох идэлээх буолуоххун баҕараҕын?
-Чуолкай билбэппин эрээри программист эбэтэр бэтэринээр буоларым буолуо.
-Тоҕо бэтэринээр буолуоххун баҕараҕын?
-Сайын аайы эһээлээх эбээбэр Трудовой диэн сайылыкка тахсабын. Онно улахан хаһаайыстыбалаахпыт. Мин онно сарсыарда аайы алтаҕа туран ынахтарбын көрдүүр эбээһинэстээхпин. Ньирэйдэрбин көрөбүн. Ол иһин бэтэринээр идэтин сэҥээрэбин. Былырыын “Трудовой -81” диэн лааҕырга сылдьыбытым. Наһаа сөбүлээбитим. Кыһынҥы каникулларбар эмиэ тахсабын ээ. Онно таайбын Егору кытта тииҥниибит, чааххааннарын көрөбүт. Биирдэ барса сылдьан оннооҕор куобах, саһыл, бөрө суолун көрбүппүт. Сайылыкка тахсарбын наһаа сөбүлүүбүн. Тоҕо диэтэххэ, онно күнү быһа таһырдьа сылдьабын. Дьиэҕэ олорбоппун. Нууччалыы эттэххэ “не скучно”.
-Өссө тугунан дьарыктанаҕын?
-История чахчыларын үөрэтэрбин сөбүлүүбүн. Ютубка араас историческай роликтары көрөбүн. Билигин араас дойдулар историяларын үөрэтэн саҕалаатым.
-Уйбаан Кындыл айымньыларын аахпытын дуо?
-“Харса суох Хампаадай” диэн чараас кинигэни,эбэм аахтарбыта. Кырдьаҕас хос эбэм истэр, диискэҕэ ааҕыллар айымньыларын эмиэ билэбин. Билигин миигин Кындыл диэн ыҥыраллара элбээтэ ээ. Суруйааччы литературнай аатын миэхэ таптал аат гынан биэрбиттэриттэн мин үөрэбин уонна киэн туттабын.
Бу курдук, биир улахан улуус киинигэр олорор, сахалыы куттаах оҕо, Ваня Гоголев – Кындыл, кэпсээнэ маннык буолла.
Оҕолоор, эһигини эмиэ баҕар ханнык эрэ суруйааччы аатынан таптал ааттыллара буолаарай? Оччоҕо биһиги почтабытыгар суруйан ыытыаххытын сөп.
Зинаида Григорьева