Бүгүн муус устар 9 күнүгэр Дьокуускай куорат, С.Н. Донской-II аатынан үөрэх сайдыытын уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дьиэтигэр төрдүс төгүлүн ыытыллар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Басхан-2024» лиидэр уолаттар дьыалабыай оонньууларын үөрүүлээх арыллыыта буолла. «Басхан» диэн тыл – лиидэр, бас-көс киһи диэн суолталаах. Ол курдук, быйылгы күрэх Саха автономиятын төрүттээччи Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар ананна. Бу күрэххэ улуустааҕы түһүмэх кыайыылахтара 13 улуустан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 15 уол күөн көрсүһүөҕэ. Бу уолаттар оскуолаларын олохторун араас хайысхаларын лиидэрдэрэ, бастыҥ үөрэнээччилэрэ, оскуолаларын бас-көс дьоно буолаллар.
Кыттааччылар икки күн устата «Удьуор утума», «Өркөн өй», «Дойду салайааччылара мин харахпынан», «Куолулааһын» (дебат), «Айыы умсулҕан» диэн түһүмэхтэргэ бэйэлэрин кыахтарын холонон көрүөхтэрэ.
Быйылгы күрэх кыттыылаахтарыттан бүгүҥҥү тэрээһин уонна кинилэр саамай ханнык түһүмэхтэн долгуйалларын туһунан туоһуластыбыт.
Анатолий Николашкин: «Үтүө күнүнэн! Мин Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт XI-с техническэй кылааһыгар үөрэнэбин. Бу «Басхан-2024» диэн тэрээһин буоларын оскуолабыт дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччытыттан Айина Гаврильевна Филипповаттан истибитим. Бастакытын Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбытын олус сэҥээрбитим. Оскуолабытыгар сүүмэрдиир тэрээһин ыытыллыбытыгар муҥутуур кыайыылаах аатын иккиэ буолан ылбыппыт уонна бу кытта кэлэн турабыт. Мин саамай долгуйар түһүмэҕим «Өркөн өй» буолар. Кыттааччылар бары үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ көстөр. Бэйэм даҕаны бэлэмим үчүгэй, ол эрэн, син биир кыратык долгуйабын.»
Олег Андреев: «Үтүө күнүнэн! Мин Үөһээ Бүлүүтээҕи IV-c нүөмэрдээх орто оскуолатын X «А» кылааһын үөрэнээччитэбин. Бу күрэххэ 2022 сыллаахха бастакыбын кыттыбытым. Бу дьыалабыай оонньуу биһиги улууспутугар төрүттэммитэ. Аан бастаан оскуолатааҕы түһүмэххэ кыайбытым, онтон улуустааҕыны кыайан өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ тахсыбытым. Онно тэрээһин кэтэхтэн ыытыллыбыта. Былырыын 9 кылаас буоламмын, эксээмэннээхпин диэн кыттартан туттуммутум уонна быйыл бу бастакыбын илэ бэйэм кытта кэлэн турабын. Мин саамай долгуйар түһүмэҕим «Куолулааһын» буолар.»
Илья Саввинов: «Үөһээ Бүлүү улууһун Петр Николаевич Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолатын XI-с кылааһын үөрэнээччитэбин. Бу күрэххэ мин бастакыбын кытта сылдьабын. Бу иннинэ наар спорт өттүгэр болҕомтобун уурар этим, онтон быйыл бэйэбин саҥа хайысхаҕа холонон көрөргө быһаарынан бу кытта кэлэн турабын. Бу биэс түһүмэхтэн саамай долгуйарым «Дойду салайааччылара мин харахпынан» буолар. Манна бэриллибит дойду салайааччыларыттан ким баҕарар түбэһиэн сөп, ол онно кинилэр олохторун, биһиги дойдубут сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын туһунан кэпсиэхтээххин. Ханнык салайааччы түбэһэрэ биллибэт буолан долгуйабын.»
Бу курдук уолаттар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Бу дьыалабыай оонньуу кыайыылааҕын аата сарсын ааттаныа. Кыттааччыларга ситиһиини баҕарыаҕыҥ!
keskil14.ru