диэн ааттаах мусуойунай уруок буолан ааста. “Сарсыҥҥыбыт бүгүҥҥүтэ суох, бүгүҥҥү күн ааспыта суох – сайдыы суох!” диэн этиинэн салайтаран Кэбээйитээҕи кыраайы үөрэтэр музей уонна нэһилиэкпит бэтэрээннэрин түмсүүтүн салайааччыта Е.А. Павлов үрдүкү кылаас оҕолоругар Саха АССР 100 сылыгар, Кэбээйи улууһа 85 сылыгар, улууспутугар тыыл бэтэрээннэрин, нэһилиэкпитигэр Ытык сирдэргэ сүгүрүйүү сылыгар аналлаах кылаас таһынан уруоктары ыытта.
Мин Егор Авксентьевич дириҥ ис хоһоонноох кэпсээниттэн өйдөөн хаалбыппыттан кэпсээтэххэ маннык: “Быйыл Саха сирэ государственноһын ылбыта 100 сыла. Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр оҥорбут бу биир улахан үтүөтэ этэ. Сэбиэскэй былаас үтүөтүн Кэбээйи нэһилиэгин холобуругар көрдөххө, 1926 с. дылы Кэбээйигэ оскуола диэн суоҕа. Кыанар дьон оҕолоро Орто Бүлүүгэ Хампаҕа, Намҥа баран үөрэнэллэрэ. 1926 с. «Култуура» диэн сиргэ аҕабыыт дьиэтигэр маҥнайгы кылаас арыллыбыт. 1930 с. начаалынай оскуолаҕа кубулуйар. Бу кэмҥэ Кэбээйи оройуонугар уопсайа 8 оскуола баар буолбут, 503 оҕо үөрэммит, 28 учууутал үлэлээн ааспыт. 1935 с. «Томторго» Бартыһаан Дьөгүөрэп диэн киһи сэттэ кылаастаах оскуола туттарбыт. Бу оскуола 30 сыл устата 13 выпуһу таһаарбыт. Бу оскуоланы бүтэрбит дьонтон 100-н тахса киһи үрдүк, орто анал үөрэхтэммитэ, үлэ бастыҥнара буолбуттара, 30-ча киһи учуонай, 20-чэ суруйааччы, араас таһымнаах салайааччы буолан аатырбыттара.
Сэбиэскэй былаас олохтоммутугар дьон доруобуйатыгар сыһыан эмиэ уларыйбыт. Былыр дьон эмискэ өлөн хаалар эбит буоллахтарына, 1930 с. фельдерскэй пуун арыллар. Билигин 2008 сылтан нэһилиэкпитигэр икки этээстээх таас балыыһа улуус дьонун барытын эмтиир.
Революция иннинэ сири барытын баайдар бас билэллэрэ. Сэбиэскэй былаас колхуостары тэрийбитэ. 1961 с. Кэбээйигэ сопхуос тэриллэр. Техника бөҕө кэлбитэ, олорор дьиэлэр, кулууптар, оҕо саадтара, оскуолалар, пионерскай лааҕырдар баар буолбуттара.
1953 с. «Саҕа» диэн сиртэн 30 оҕуһунан электрдизель аҕалбыттар. Эһиилигэр Ильич уота сандаарбыт. Бу улахан ситиһии, сайдыы төрдө этэ.
1945 с. 28 точкалаах телефон станцията арыллар, 1969 с. 70 точкалаах АТС, 1986 с. оройуон киинин Сангаары кытта сибээс олохтоммута.
Кэбээйигэ гаас ситимэ хаһааҥҥыттан баар буолбутай? Наар маһынан оттунан тыабыт маһа бүтэ сыспыта. Гаас ситимэ Кэбээйигэ 1976 с. кэлэр. 1988 с. бастакы 15 чааһынай ыалга киирэр. 2000 сылга Кэбээйибит нэһилиэгэ сүүс быраһыан гаастаммыта.
Былыр Кэбээйи киинтэн ыраах сытар, суола суох сиринэн биллэрбит. Билигин айанныыр суолбут 1990 сылтан 2020 сылга дылы тутуллубут. Билигин биэс чааһынан Дьокуускайга тиийэбит.
Сэбиэскэй былаас улахан өҥөтүнэн культура дьиэлэрин, библиотекалары, музейдары тэрийбитин Егор Авксентьевич тоһоҕолоон кэпсээтэ. Нэһилиэкпит историятын барытын күүскэ үлэлэспит П.Н. Репин кинигэлэригэр булан ааҕыахпытын сөп”.
Бу уруоктан биһиги Сахабыт сирэ, улууспут, нэһилиэкпит сайдан кэлбит историятыттан элбэҕи биллибит уонна киэн тутта санаатыбыт. Өссө да билбэппит элбэх, инникитин сайдыылаах буола улаатарбыт туһугар салҕыы элбэҕи ааҕыахпытын, чинчийиэхпитин, төрөөбүт дойдубутугар бэриниилээх патриот буола улаатыахтаахпыт диэн түмүк санаалаах тарҕастыбыт.
Егор Левин, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
“Дьоҕур” пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.