“Чуумпу Бүлүү” испэктээк туһунан санааларым
Бу күннэргэ П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрыгар “Чуумпу Бүлүү” испэктээк көрдүм. Амма улууһун Эмис нэһилиэгин “Эйгэ” театральнай бөлөх кыттыылаахтара оонньоотулар.
Туруорааччы-режиссер Марианна Васильевна Ефимова. Иннокентий Иванов “Чуумпу Бүлүү: алмаас уонна харах уута” диэн 700 страницалаах кинигэтиттэн сценарий суруйан, испиктээк туруорбут.
Манна элбэх тиэмэни таарыйаллар – Саха сиригэр саҥа былаас олохтонуута, дьадаҥылар, баайдар утарыта турсуулара, баай-дуол, киһи киһиэхэ сыһыана, таптал, дьиэ кэргэн.
Саамай киһини толкуйдатара диэн — оҕо төрөппүт аҕатын кытта утарыта турсуута, өйдөспөт буолуута. Аҕа иитэн-аһатан олорор, өбүгэлэриттэн бэриллэн кэлбит сирин-уотун туран биэриэн баҕарбат, туох баар кыаҕынан, күүһүнэн көмүскүү сатыыр. Онтон оҕото атын көрүүлээх. Саҥа былаас олохтонон, дойдутугар, норуотугар сайдыы кэлиэн баҕарар.
Аҕа уонна уол тэҥҥэ эрэйдэнэллэр, “бу тугуй”, “тоҕо манныкка тиийдибит”, “урукку курдук чуумпутук, эйэлээхтик олорорбут тоҕо сатамматый” диэн тэҥҥэ толкуйдууллар. Өндөрөй аҕата өлбүтүн көрөн, илиитигэр ылар, аҕатын кытта атаарбыт оҕо сааһын саныыр, баҕар, кэмсинэн, баҕар, аҕатын эбэтэр бэйэтин аһынан буолуо, улаханнык ытыыр. Аҕатыгар истиҥ сыһыаннааҕа көстөр.
Бүөтүр Павлов (Алексей Соловьев) уонна кини уола Өндөрөй (Айтал Соловьев) уустук олохторун мин Николай Гоголь айымньытын сүрүн геройугар Тарас Бульбаҕа майгыннаттым. Аҕа уолун кытта утарыта турсуутун мөккүөрэ ханна олороргуттан тутулуга суох буолар эбит дии санаатым.
Мин санаабар, өстөөх диэн кимиэхэ да суох, тапталы ким да утарсыбат. Киһи бэйэтэ олоҕу тутар, хамсатар, уларытар кыахтаах. “Чуумпу Бүлүү” испэктээк биир санааны иҥэрдэ — дьиэ кэргэммит, доҕотторбут, аймахтарбыт икки ардыларыгар баар истиҥ сыһыаммытын төһө кыалларынан харыстыы сылдьыаххайыҥ!
Айхал МАТВЕЕВ, Х “В” кылаас, 17 №-дээх оскуола, Дьокуускай.