Саха дьоно тустууну сөбүлүүр көрүҥмүт буолан, уолаттарбыт кыайыыларын-хотууларын кинилэри кытта бииргэ үллэстэбит, тренердэрин кытта тэҥҥэ үөрэбит-көтөбүт.
Быйыл уолаттарбыт тустууга эдэрдэргэ ситиһиилэрэ барыбыт сүргэбитин көтөхтө. «Саха тустуута баар, сарсыҥҥылаах. Саха тустуутун оскуолата аан дойдуга, Россия таһымыгар баар» диэн санааны өссө биирдэ күүскэ иҥэрдэ.
Бу кыайыылар кэннилэригэр тренердэр, тустууну таптааччылар, өйөөччүлэр, кинилэр дьиэ кэргэттэрин ситимнээх, сыралаах үлэлэрэ турар.
Андрей Мидловец Россия Первенствотыгар, салгыы Европа эдэрдэргэ чемпиона буолар айана уһун сыралаах айан этэ.
***
Андрей Амма улууһун Чапчылҕан оскуолатыгар үөрэнэ сылдьар кэмиттэн алын кылаастан саҕалаан тустуунан дьарыктаммыта. Тренердэрэ Егор Петрович Скрябин, Илья Анатольевич Солдатов уол тустууга дьоҕурун таба көрөн, тута ылсан эрчийэн барбыттара https://t.me/c/2023371554/469
Илья Анатольевич Андрейыгар күүскэ тирэнэрэ.
Көбүөрү эндэппэккэ чувствуйдуур, салгын кытта ханан хамсыырын билэр, этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан, хас биирдии хамсаныытынан ылынар. Итиччэлээх иҥэн сылдьар үөрүйэҕи ыһыктынан кэбиспэтин курдук гына эрчийиэххэ наада. Тренер итинник оҕоҕо түбэһэрэ диэн эппиэтинэс, икки бүк күүстээх үлэ», – диэн бэйэтигэр кытаанах ирдэбиллэри туруора.
Уһун кэмнээх дьарыктарга соҕуруу, хоту куораттарынан элбэхтик сылдьаллара. Сайын аайы Дагестан өрөспүүбүлүкэтин Хасавюрт спортивнай оскуолатын базатыгар ыйы ыйдаан олорон эрчиллэллэрэ.
«Андрей математикатыгар олох үчүгэй. Аһылыкпытыгар, кыттыгас харчыбытыгар, аспытын хас күҥҥэ төһө харчыга төһө аһы аһыахтаахпытын ааҕан-суоттаан биэрэр киһибит кини. Тустуу көбүөрүгэр эмиэ оннук, барытын чуолкайдык, түргэн-түргэнник оҥорор, бириэмэни, көбүөрү, утарсааччытын биир тэҥник тутар», – диэн тренерэ Илья Анатольевич кэпсиирэ.
Кини бэйэтэ этэрин курдук, тустууну ис иһиттэн ылынар оҕоҕо түбэспитэ – икки бүк сыралаах үлэни эрэйэрэ. Онон тренер быһыытынан бэйэтин таһымын, маастарыстыбатын хайаан да үрдэтиэхтээҕэ.
– Ол иһин элбэхтик айанныыра, туох саҥа сүүрээн, саҥа көстүү киирбитин барытын Амматыгар аҕалан дьарыкка күүскэ туһанара, – диэн этэр бииргэ үлэлээбит тренерэ Егор Петрович Скрябин.
***
Илья Анатольевич оҕо тустуутун сайдарын туһугар дьону сатаан түмэр тренер этэ. Үлэтин биир холобурунан Дмитрий Афанасьевич Платоновы ааттыахха сөп.
– Андрей Мидловец кырдьык, киниэхэ улахан эппиэтинэс этэ. Ханна эрэ тиийэн сыыһа туттуом, тугун эрэ ситэ билбэккэ, сайыннарбакка хаалыам диэн наһаа долгуйара. Тустуу туһугар биир интэриэстээх буоламмыт, олус тапсан үлэлээбиппит. Кэмиттэн кэмигэр дьарыкка илдьэ сылдьан, Андрейы кэтээн көрдөрөр этэ. Мин буоллаҕына туораттан көрө олорон, уол туохха быдаарбытын, туга ордук ыараабытын, түргээтээбитин – барытын ырытан көрөн, түмүк оҥорон сүбэлиирим. Ханнык чааһыгар ноҕурууска эбэрин, уол быдаарыыта тугу кытта ситимнээх буолуон сөбүн туһунан сүбэлиирим. Этэрин туһалыыр диэн астынара, махтанара. Ылдьаа наһаа киэҥ көрүүлээх, киэҥ көҕүстээх киһи этэ. Оҕолоро миэстэлэстэхтэринэ, бириэмийэ ылар, ол бириэмийэтиттэн хайаан да өлүүлээн биэрэр. Бииргэ үлэлиирбит иһин диэн. Мин ону сөҕөр этим. Бэйэҕэр анаан киирбит харчыттан ойо тутан, атын киһиэхэ биэрэри киһи барыта сатаабат ээ. Онтон Ылдьаа ону сатыыра, тустуу туһугар, – диэн Дмитрий Афанасьевич ахтан ааспыта баар.
Кини бэйэтэ Болугуртан төрүттээх, анал тренер үөрэхтээх. Сэбиэскэй бириэмэҕэ Смоленскайдааҕы физкультура уонна спорт институтугар үөрэммитэ.
«Киһи хас биирдии тымырын, былчыҥын дьиҥнээх киһи холобуругар көрдөрөр үөрэҕи ааспыт тренер буолан, киһини курдаттыы көрөн билэр. Тустууну атыттар курдук тас өттүттэн буолбакка, иһиттэн көрөн анаарар», – диэн Илья Анатольевич Дмитрий Афанасьевич Платоновы улаханнык убаастыыр этэ.
Дьылҕалара, ыйаахтара оннук эбитэ буолуо, Дмитрий Афанасьевич Ылдьаатын кэнниттэн уһаабатаҕа. Олус ыксаабыт киһи курдук, эмискэччи баҕайы аннараа дойдуга аттаммыта.
***
Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка олимпийскай чемпион, Аан дойду, Европа ССРС үс төгүллээх чемпиона, ССРС спордун үтүөлээх маастара Павел Пинигин чиэһигэр анаммыт «Саха сирин тимир суоллара» АО бирииһигэр оҕолорго тустуу күрэхтэһиитэ буола турар. Андрей Мидловец эдэрдэргэ Европа чемпиона буолбут улахан кыайыыта бу турниры кытта эмиэ ситимнээх.
2017 сыллаахха Дьокуускай куоракка 2004 уонна онтон кыра саастаах уолаттарга ыытыллыбыт Павел Пинигин бирииһигэр саамай элбэх кыттааччылаах (92 бөҕөс) 35 киилэҕэ Андрей Мидловец чемпион буолбута уонна турнир анал бирииһин – «Айфон-6» туппута.
Тустуу историятыгар киирэр улахан суолталах кыайыы – тренер уонна тустуук, кини тула түмсүбүт үгүс киһи үлэтин түмүгэ. От ыйын 16 күнүгэр Аммаҕа буолан ааспыт Европа чемпионун чиэстээһиҥҥэ Илья Анатольевич Солдатов аата үгүстүк ааттанна.
«Андрей Мидловец, Володя Егоров мин ааппын ааттатыахтара. Уолаттар кыахтара кэлин күүскэ арыллыаҕа. Ол кэмҥэ баҕар, мин суох да буолан хаалыам», – диэн этэн аһарбыттааҕа кини.
Илья Анатольевич биһиги кэккэбитигэр суох буолбута биэс сыл буолла. Бүгүн кини уолаттара – кыайыы өрөгөйүгэр, оттон Илья Анатольевич уолаттарыгар үөһэттэн үтүө харысхал. Бу түгэҥҥэ киһи долгуйара уонна үөрэрэ диэн Андрей кыайыытын-хотуутун ханнык да түгэнигэр тренерин аатын ахтан-санаан ааһар. Истиҥник, сылаастык, сиэрдээхтик https://t.me/c/2023371554/466
Үтүө киһи, кыһамньылаах тренер олорон ааспыт кылгас чаҕылхай олоҕун тустууга дьоҕургунан байытан, айымньылаах үлэтин соргулаан ааспыккар, үтүө киһиҥ аатын куруук истиҥник ахтаргар махтал, Андрей! Олоҕун суола, тустууга аартыгын киэҥ кэскиллээх, ыраас, сырдык буоллун!
Сардаана МАТВЕЕВА