«Айыы кыһата» национальнай гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Ильина саха тылын билиҥҥи туругун, дьылҕатын кэпсиир «ҺӨҔҮҤ» испэктээгэ көрөөччү биһирэбилин ылла. Аан бастаан испэктээк Ньурба драматическай көс тыйаатырын сыанатыгар былырыын сэтинньи 4 күнүгэр сүрэхтэммитэ. Онтон олунньу 16 күнүгэр испиктээги Дьокуускай куоракка Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар көрдөрдүлэр.
Бу күннэргэ эдэр сценаристан бэлэмнээбит ыйытыыларбар хоруйдууругар көрдөстүм.
— Анжелина, эн кыра эрдэххиттэн сөбүлээн сценарий суруйар эбиккин дии. Бу дьоҕургун, эн санааҕар, ким эбэтэр туох көмөтүнэн сайыннарбыккын кэпсиэҥ дуо? Туохтан саҕалаабыккыный?
— Оскуолаҕа Саҥа дьыллааҕы сценкалары туруорарым уонна сценарий суруйарым. Бу дьоҕурбун элбэхтэ театрга сылдьан, кинигэ ааҕан уонна суруйарга холонон сайыннарбытым.
— Сахалыы сүтэн эрэр буукубалар туһунан суруйаргар туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй? Хас күн суруйбуккунуй?
— Бу мин бастакы улахан айымньым буолан араас ыарахаттар баар этилэр. Хас биирдии дьоруой бэйэ-бэйэтигэр майгыннаабат тус уобарастарын толкуйдуур, композициянан драма сокуонунан суруйар, кылгатар уонна көннөрөр ордук ыарахан этэ. Биир сыл устата көннөрүллэ-көннөрүллэ суруллубута.
— Бу «ҺӨҔҮҤ» бырайыаккын көрбүт дьон, кырдьык, сөҕөн, элбэх махтал тылларын эйиэхэ тириэрдибиттэрэ буолуо. Онтон эн бу бырайыаккын кимиэхэ аныаҥ этэй?
— Бу бырайыак саҕаланыаҕыттан Саха ыччатыгар анаан суруйбутум. Саха ыччата инникилээх буоллун уонна төрөөбүт тылын умнубатын диэн.
— Сахабыт тыла баайа-дуола буукубалартан тутулуктаах дии саныыгын дуу? Онтон дифтоннар тустарынан сценарий инникитин толкуйдуугун дуо?
— Төрөөбүт тылбыт баайа-дуола төрүт дорҕооҥҥо дии саныыбын. Бу билигин сүрүннээн болҕомтобун үөрэхпэр уурабын. Ол кэннэ көстөн иһиэ.
— Бу ааспыт олунньу 13 күнүгэр саха тылын, суругун-бичигин күнүн бэлиэтээбиппит. Эн бу күнү хайдах атаарбыккыный?
— Олунньу 13 күнүгэр Ньурба драматическай көс тыйаатыра үөрэнэр оскуолабар «Айыы Кыһатыгар» «ҺӨҔҮҤ» испэктээҕи көрдөрбүтэ. Олус долгутуулаах этэ. Драма сүрүн режиссера Алгыс Макаров-Сиэн Мөрөс, худуоһунньук Дарья Тартакынова, тыйаатыр уус-уран салайааччыта – СӨ ускуустубаларын үтүөлээх үлэһитэ Юрий Макаров.
— Инники былаанын туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
— Оскуолабын бүтэрэн баран сценарист эбэтэр театральнай критик идэтин баһылаары гынабын.
— Анжелина, аҺаҕас кэпсээниҥ, хоруйдарыҥ иҺин махтанабын. Сырдык суолу, өссө да үрдүк дабайыылары!
Алгыстаана ЗАХАРОВА,
Дьокуускай куорат 25 №-дээх орто оскуолатын
7 кылааһын үөрэнээччитэ.