Исидор Никифорович Барахов Максим Аммосовтыын учительскай семинарияттан ыла доҕордоһоллор. Иккиэн Емельян Ярославскай кистэлэҥ куруһуогар “Эдэр социал-демократ” сылдьыбыттара, сэбиэт былааһын Саха сиригэр, төрөөбүт улуустарыгар олохтообуттара, аптаныамыйаны ылыныыгар биир санаанан үлэлээбиттэрэ, кэлин биир кэмҥэ Кыһыл Профессура институтугар Москваҕа үөрэммиттэрэ.
Ханна да сырытталлар сибээстэрин быспаттара. М. Аммосов биир суругар И. Бараховка маннык диир: “Я представляю себе картину: ты являешься опорой в Якутске, я в Москве – для Якутии. Наш контакт обеспечит успех дела…. Наши жизненные пути не разойдутся. Мы будем всегда вместе работать за одним делом”.
Мэлдьитин суруйсаллара, бэйэ-бэйэлэригэр ыалдьыттаһаллара. И. Барахов Москваҕа Киин Комитекка үлэлии олордоҕуна Максим Кирович мэлдьи сылдьар эбит. Икки доҕордуулар кылгас уонна кэтит хаптаһынтан оҥоһуллубут ыскамыйкаҕа олорон кэпсэтэллэр эбит. Ардыгар муостаҕа сытан эрэ сэһэргэһэллэрэ. Төрөөбүт тылларын ахтан сахалыы саҥарсалларын Александра Андреевна Черепанова-Барахова ахтан ааспыта баар. Максим Кирович сүбэтинэн Исидор Никифоровичтаах дьыбаан, кириэһилэ ылыммыттара. Бу дьиэтээҕи миэбэллэрэ Харбалаахха СӨ судаарыстыбаннаһын музейыгар сыаналаах экспонат буолан турар.
Маны таһынан 1927 с. Москваҕа БСК(б)П XV сийиэһигэр иккиэн уонна И.Н. Винокуров буолан кыттыбыттара. Саха сирин территорията оннунан хааларыгар улахан үлэни тиһигин быспакка ыытыспыттара.
Н.Н. Захаренко кинилэр тустарынан аҕыйах тылынан биирдии хаачыстыбыларын таба көрөн маннык эппитинэн түмүктүүбүн: “Искрометный организаторский талант М.К. Аммосова и уравновешенный аналитический ум И.Н. Барахова, образный склад мышления П.А. Ойунского и дальновидный практический ум С.М. Аржакова, спокойная рассудительность С.В. Васильева – все это в их совместной работе напоминало слаженный оркестр”.
Евдокия Семенова, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын музейын үлэһитэ.