Оҕолоор, сайыны эһиги хайдах атааран эрэҕит? Лааҕырга сынньанан, дьоҥҥутун кытта оттоһон, сир астаһан, араас интэриэһинэй кинигэ ааҕан, итии күннэргэ сөтүөлээн, оонньоон-көрүлээн атааран эрэҕит дии. Оттон XX үйэ саҥатыгар оҕолор кылгас сайыны хайдах атааралларын туһунан уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов оҕо сааһын холобуругар билсиһиэхпит.
Кыракый Исидор сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык атаарар этэ. Дьэ ону хантан билэбитий? Үөлээннээхтэрэ, төрөөбүт нэһилиэгин Харбалааҕын олохтоохторун ахтыыларыттан. Кини Куорамыкы народнай оскуолатыгар 8 сааһыгар киирбитэ, салгыы Бүлүү куорат үрдүкү начаалынай учуулуссатыгар үөрэммитэ.
Биир сайын оскуолатыгар анаан араас үөннэри-көйүүрдэри, хонуу сибэккилэрин хомуйбута. Үөннэрин, сибэккилэрин хатартаабыта уонна гербарий оҥорон күһүн үөрэх саҕаламмытыгар илдьэн туттарбыта.
Дьиэтин таһынааҕы оҕолору мунньан оҥкучах хаһан, сөтүөлүүр сир оҥорбутугар күннэтэ сөтүөлүүллэрэ. Анисим оҕонньор ахтыытыгар “кини исправник буолан оонньуурун өйдүүбүн. Ону-маны остуоруйа курдук кэпсиирэ” суруллар. Оҕолорго Соломуон Муударай диэн номоҕу кэпсээбитин туһунан биир дойдулааҕа Иона ахтыбыта. Сэрэйдэххэ бу номоҕу учуутала А.Е.Кулаковскай кэпсээбит буолуон сөп, тоҕо диэтэххэ “Научные труды” кинигэтигэр бу номох толору сурулла сылдьар. Ол аата Исидор оскуолаҕа ылбыт билиитин оҕолорго кэпсиирэ, үөрэх туһатын тарҕатара.
Маны таһынан сынньалаҥар кинигэ ааҕарын олус сөбүлүүрэ. Аҕатын хамначчыттарын кытта тэҥҥэ оттуу, хонууга үлэлии сылдьан, наар кинигэ кыбыныылаах буоларын ахталлар. Сынньалаҥ буолла да тута, кинигэтин аахпытынан барара. Ол курдук Бүлүүнү бүтэрэр сылыгар бобуулаах (революционнай ис хоһоонноох) кинигэлэри ааҕыталыыр буолбута.
Ардыгар Исидор эһэтин Бараах Уйбааны кытта бултуу барсара, балыктаһара. Күһүн куобахха, мас көтөрүгэр ииппит туһаҕар, чугас сохсотугар илдьэ сылдьара. Бу сылдьан булт кистэлэҥэр улахан сиэнин үөрэтэрэ. Сороҕор убайдарын кытта Тэҥэлилээххэ туулаһара. Ол да илдьэллэригэр убайдара дьээбэлээн ыллаатаххына биирдэ барсаҕын дииллэрэ. Онуоха Исидор норуот ырыаларын киҥинэйэн ыллыыра.
Дьэ ити курдук Исидор оҕо сааһыттан кинигэ ааҕан элбэҕи билбитэ, сайыны кытта чахчы туһалаахтык атаарара, кыра сааһыттан бириэмэтин сөптөөхтүк аттара үөрэммитэ кэлин улахан салайааччы буоларыгар туһалаабыта. Эһиги, оҕолоор, эмиэ сайыҥҥы сынньалаҥы туһалаахтык атаара үөрэниҥ!
Семенова Евдокия Павловна, И.Барахов аатынан түмэл үлэһитэ