Аны сайын биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII оонньуулар ыытыллаллар. Онон «Кэскил” медиа оскуола юнкордара спорт, чөл олох тиэмэтин күүскэ сырдатар соруктаах үлэлиибит.
Бу күннэргэ С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын “Тумус кыһа” пресс-киинэ Чурапчы нэһилиэгин баһылыгын, гимназиятыгар попечителин Владимир Дмитриевич Сивцевы көрсөн, чөл олох туһунан кэпсэттибит. Ону ааҕыҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт.
– Владимир Дмитриевич, Эн санааҕар, чөл олох диэн тугуй?
– Чөл олох спордунан эрэ дьарыктаныы буолбатах. Ис турук, өй-санаа өттүнэн сайдыы, аһы-үөлү көрүнүү – бу барыта чөл олоххо киирэр. Оттон эһиэхэ, оҕолорго, итини таһынан үөрэх бастакы күөҥҥэ туруохтаах. Үөрэҕи, спорду тэҥҥэ дьүөрэлээҥ диэн ыҥырыам этэ.
– Спорт ханнык эмит көрүҥүнэн дьарыктанаҕын дуо?
– Күүстээхтик дьарыктамматаҕым да буоллар, оскуолам сүүмэрдэммит хамаандатыгар баар этим. Сүүрүү, мээчик, хайыһар буоллун – барытыгар кыттааччыбын. Онон үөрэхпин спорду кытта дьүөрэлээн улааппытым. Билигин анаан дьарыктаммаппын эрээри быыс-арыт булан волейболлуурбун сөбүлүүбүн. Тэрилтэнэн күрэхтэргэ куруутун кыттабын.
– 2024 сыл Чурапчы нэһилиэгэр “Чөл олох” сылынан биллэриллибитэ. Түөлбэ ахсын хаҥкылыыр сирдэр арылыннылар. Салгыы туох үлэ ыытылларый?
– Биһиги чөл олоҕу ылыммыппыт дириҥ ис хоһоонноох. Ытык сүбэлэрбит, уопсастыбаннай хамсааһыннар чилиэттэрэ бары сүбэлэһэммит быйылгы дьылы “Чөл олох” сылынан биллэрбиппит. Чөл олох диэн киһи уопсай сайдыытыгар барытыгар туһааннаах. Холобур, «мин физкультуранан дьарыктанным, чөл олохтоохпун» диэн этэр кэрэгэй. Эппитим курдук, чөл олоххо аспытын көрүнүү, өй-санаа чөл буолуута – барыта киирэр. Онон быйыл Чурапчыбыт улууһугар олоххо киирэр бырайыактар, тэрээһиннэр барыта чөл олоххо сыһыаннаахтар диэххэ сөп. Кулун тутар ыйга олохтоохтор бары кэтэспит П.Н. Сокольников аатынан поликлиника, Егор Афанасьевич Борисов аатынан библиотека, спортивнай комплекс үлэҕэ киирдилэр. Ити барыта дьоммут-сэргэбит өй-санаа, эт-хаан өттүнэн доруобай, чөл туруктаах буолалларыгар туһуланар.
Инньэ гынан, бу сааскыттан хаалыктаах хаамыыга үс суолу, ону таһынан хайыһар суолун оҥордубут. Көрбүккүт курдук, түөлбэлэринэн хаҥкылыыр сирдэр баар буоллулар. Оҕолору, эдэр ыччаты, дьоммутун-сэргэбитин катокка сылдьалларыгар ыҥырабыт.
Бу саас сүрдээх элбэх тэрээһин ыытылла турар. Кыһыны атаарыы, аҕалар күрэхтэрэ, бултааһын-балыктааһын тэрээһиннэрэ. Аҕалар түмсүүлэрэ көхтөөхтүк кыттаары бэлэмнэнэ сылдьаллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ булчут күрэҕэ үрдүк таһаарыылаахтык ыытылынна.
– Оскуола оҕолоруттан бу сыл туох ирдэнэрий?
– Эдэр ыччат куһаҕан дьаллыкка киирэн биэримэҥ, мэлдьи үчүгэйи-кэрэни эрэ оҥоро сылдьыаххытын наада, бэйэҕитин ис-тас өттүгүтүн кэрэҕэ эрэ анааҥ. Кыра сааскытыттан доруобуйаҕытын көрүнэн, спорду кытта бииргэ буолуҥ. Чөл олохтоох буолуҥ, үрдүккэ тардыһыҥ! Тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ.
– Кулун тутар саҥатыгар спортивнай комплекс арыллан олус үөрдүбүт. Тренажернай саалалаах эбит. Онно оҕолор сылдьыахтарын сөп дуо?
– Оннук, олус үчүгэй спортивнай комплекстанныбыт. Онно биһиги дьоммутун-сэргэбитин барыларын ыҥырабыт. Спортивнай саала күн аайы аана аһаҕас буолуоҕа. Оҕолор, эдэр ыччат, аҕам саастаахтар сылдьыахтара. Сүрдээх үчүгэй тренажердар кэллилэр, инньэ гынан кэлэҥҥит дьарыктаныҥ, тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ. Куораттан идэлээх дьону ыҥыран, маастар-кылаастары ыыттарыахпыт. Күһүҥҥээҥҥи диэри саалаҕа киирии босхо буолар, онтон кыра төлөбүрдээх оҥоруохпут. Ол харчы тренажердары көрүүгэ-истиигэ барыаҕа.
– Владимир Дмитриевич, үөрэхпитигэр кыһалларбыт эмиэ чөл олоххо киирэр диэн олус үчүгэйдик эттиҥ. Эн өйөбүлгүнэн, көмөҕүнэн гимназиябытыгар ЧПУ станок баар буолла. Түгэнинэн туһанан, үөрэнээччилэр, учууталлар ааттарыттан истиҥник махтанабыт!
– Биһиги, биллэн туран, оскуола оҕолоро билиини ылалларыгар, сайдыылаах буолалларыгар баҕабыт сүрдээх улахан. Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятыгар бэйэм попечитель быһыытынан үлэлэһэбин, уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа баарбын. Иннэ гынан гимназия сайдыытын, оҕолорбут үөрэхтэрэ хаачыстыбаннай буоларыгар мэлдьи кыһаллабын. Станок үөрүүлээх арыллыытыгар эһиги бэлэхтээбит өйдөбүнньүк бэлэххитин кабинеппар бу саамай көстөр сиргэ ууран туруорабын. Бу курдук оҥоһуктары, өссө да оҥоруоххут, үүнэн-сайдан иһиэххит диэн эрэнэбин.
– 2024 сыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Чурапчы улууһугар Ыал саргытын сылыгар анаан туох былааннанарый?
– Владимир Владимирович Путин бу сылы сөпкө Дьиэ кэргэн сылынан биллэрдэ. Дьиэ кэргэн судаарыстыбабыт, уопсастыбабыт сүрүн ячейката буолар, онон дьиэ кэргэннэрбит чөл олохтоох, үчүгэй туруктаах буоллахтарына биһиги судаарыстыбабыт эмиэ күүстээх, тирэхтээх буолар.
Биһиги бу Чурапчыбыт нэһилиэгэр элбэх функцияны толорор дьиэ кэргэн киинэ арыллыбыта. Соторутааҕыта 50 сыл бииргэ олорбут дьиэ кэргэннэри чиэстээбиппит. Бу сыл устата эдэр ыаллары бэлиэтиэхпит, кинилэргэ болҕомтобутун ууруохпут. Былааннаах үлэлэр ыытыллыахтара.
– Кэнчээри ыччакка баҕа санааҥ.
– Бука бары дойдубутун таптыахтаахпыт. Хас биирдии оҕо бэйэтин эрэ иннин көрүммэккэ, дойдутун, норуотун туһугар кыһаллар буоллаҕына кэскилбит кэҥиэҕэ, олохпут тупсуоҕа. Үөрэххитигэр күүскэ кыһаллыҥ. Билиилээх-көрүүлээх, элбэҕи сатыыр буоллаххытына туһалаах дьон буола улаатыаххыт.
Вилена СТРУЧКОВА, VIII кылаас, “Тумус кыһа” пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията