Олунньу 11-18 күннэригэр Чурапчыттан 21 үөрэнээччи икки салайааччылаах Дьокуускай – Санкт-Петербург – Новгород – Старая Русса – Санкт-Петербург – Дьокуускай маршрутунан «Подвигу дедов – наша память” диэн патриотическай бырайыагынан баран кэллибит.
Биһигини Евгения Ивановна Чичигинарова, Оксана Борисовна Игнатьева биир киһи курдук көрөн-истэн бэркэ сырытыннаран кэллилэр.
Бу айан туох сыаллаах буоллай диэтэххэ, Ленинград блокадаттан букатыннаахтык босхолонуутун 80 сылыгар ананна уонна улуу Ильмены кытта саха буойуттарын быстыбат ситимнэрин үйэтитии буолар. Бу бырайыак биһиги улууспутугар хаһыс да сылын үөрэх управлениетын уонна улууспут салалтатын өйөөһүнүнэн ыытыллар.
Айаҥҥа талыллан, Чурапчы оскуолаларын байыаннай-патриотическай кулууптар иитиллээччилэрэ, ону таһынан история, краеведение олимпиадаларын кыайыылаахтара сырыттыбыт.
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр охтубут саллааттарга аналлаах өйдөбүнньүктэргэ уонна араас элбэх музейдарга сылдьан көрөн, сэҥээрэн, билиибитин кэҥэтэн кэллибит. Ону таһынан Санкт-Петербург (урукку аата Ленинград) куорат элбэх музейыгар сырыттыбыт. Аатырар Эрмитажка сылдьан сөхтүм.
Маннык үчүгэй бырайыакка кыттан кэлбиппиттэн үөрэн туран, оскуолам иитэр үлэҕэ завуһугар Ольга Афанасьевна Дьячковская, “Беркут” байыаннай-патриотическай кулууп салайааччытыгар Дмитрий Петрович Соловьевка уонна ийэбэр махталбын тиэрдэбин.
Бырайыак сыалын ситэн, айаҥҥа сылдьыбыт хас биирдии оҕо ис санаатын байытан, дойдубут историятын өссө киэҥник билэн кэлбиппититтэн үөрэбин. Биир бэйэм кылааһым оҕолоругар, “Беркут” патриотическай кулууп иитиллээччилэригэр, оскуола активыгар бу баран кэлбит билиибин үллэстиэм диэн эрэллээхпин.
Ким да умнуллубат! Туох да умнуллубат!
Айтал ЗАХАРОВ, Х гуманитарнай кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата