Бу күннэргэ Бэчээт дьиэтигэр бииргэ үлэлиир киһибит, “Сахамедиа” информационнай-издательскай холдинг кылаабынай бухгалтера, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин хаһаайката Лена Петровна Исакова Үөһээ Бүлүү улууһун Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик оскуолатын бибилэтиэкэтигэр “Кэскил” хаһыат, “Чуораанчык”, “Бэлэм буол” сурунааллар сыллааҕы сурутууларын бэлэх уунна! Биһиги, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэрэ, Лена Петровнаҕа оҕо бэчээтин өйүүрүгэр ис сүрэхпититтэн махтанабыт!
Санатабыт, ахсынньы 20 күнүгэр диэри “Кэскил” хаһыакка, “Чуораанчык”, “Колокольчик”, “Бэлэм буол”, “Юность Севера” сурунаалларга сыллааҕы сурутуу почта ахсын ыытылла турар. Ахсынньы 20 кэннэ сылы супту суруйтарыы түмүктэнэн, 5 ыйга эрэ оҥоһуллар буолар. Онон эһиги өскөтүн оҕо бэчээтигэр сурутуу оҥотторуоххутун, биитэр бэлэхтиэххитин баҕарар буоллаххытына, 89142201780 нүөмэргэ суруйуҥ, биллэриҥ.
Редакция.
Маннык хардыы салҕана турдун!
Хас биирдии киһи бэйэтин төрдүн-төбөтүн, хантан хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин сыныйан үөрэтиэхтээх, билиэхтээх. Ону оҕолоругар, сиэннэригэр үөрэтэ-такайа сылдьыахтаах. Төрүккэр-уускар, төрөөбүт нэһилиэккэр олорон ааспыт чаҕылхай, үлэһит, талааннаах дьону ытыктаан үөрэтэр, өйдүүр-саныыр, билэр буоллаххына, эн инникиҥ кэскиллээх, кутуҥ-сүрүҥ чөл, өйүҥ-санааҥ аһаҕас буолар.
Дьонун санаан, кэриэстээн туран, биһиги биир дойдулаахпыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахамедиа” информационнай-издательскай холдинг кылаабынай бухгалтера, СӨ бэчээтин туйгуна, СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэтин хаһаайката, үлэ бэтэрээнэ Петр Иннокентьевич Иванов-Эчэрэҥ Бүөтүр кыыһа Лена Петровна Исакова-Иванова дьиэ кэргэнин аатыттан сыл ахсын оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэлэри бэлэх уунан үөрдэр.
Аҕата Петр Иннокентьевич Иванов – хомсомуол, партийнай үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун райкомун, райкомолун бастакы сэкэрэтээринэн талыллан үлэлээбитэ. Үөһээ Бүлүү улууһун, Кэнтик нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тутуутун үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин мецената. Ийэтэ Людмила Васильевна Иванова—Үөдүгэй сопхуоска өр сылларга бухгалтерынан, кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ. Лена Петровналаах бииргэ төрөөбүттэр иккиэлэр, быраата Сергей Петрович Иванов чааһынай тэрилтэлээх предприниматель.
Күн бэҕэһээ Лена Петровна кэлэр 2025 үөрэх дьылыгар оҕо эрэ бары таптаан ааҕар «Кэскил» хаһыатын, «Бэлэм буол», «Чуораанчык» сурунааллар сыллааҕы сурутууларын оскуолабыт бибилэтиэкэтигэр бэлэхтээтэ! Ону таһынан Үөһээ Бүлүү улууһугар ананан тахсыбыт “Бэлэм буол” сурунаал биэс нүөмэрин босхо ыытан, оҕолор олус үөрдүлэр. Бу нүөмэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун баай историятын уонна чулуу дьонун туһунан кэпсэнэр. Сурунааллар, хаһыаттар бибилэтиэкэ пуондатыгар киирэн, үйэлэргэ сүппэт баай буолуохтара.
Үүнэр 2025 сылга Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолата 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир. Холобур буолар биир дойдулаахтарбыт үөрэнээччилэргэ, оскуолаҕа аныыр улахан бэлэхтэрэ. Бу судургута суох өй-санаа үйэтигэр көмө-тирэх буолан, оҕо кутун өрүү үөрдэллэрин, санааларын түмэллэрин иһин Лена Петровна дьиэ кэргэнигэр өрүү махтанабыт. Бу маннык хардыы салҕана турдун!
Кэнтик орто оскуолата, Үөһээ Бүлүү.
keskil14.ru