Сахалар үкэр куйаас сайыннаах, тоһуттар томороон тымныы кыһыннаах ураты айылҕалаах буоламмыт олох туһугар дьулуурбут күүстээх, ол күүспүтүн айылҕаттан ылабыт, айылҕалыын алтыһан, төрөөбүт дойдуга тапталбыт күүһүрэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрүт сирин, алаһа дьиэтин, көмүс ньээкэ уйатын таптыы үөрэннэҕинэ, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх буола иитиллэн тахсар. Оттон ол иитии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар дии саныыбын.
Бэйэтэ төрөөбүт дойдутугар ис сүрэҕиттэн бэриниилээх, ону ааһан кэнчээри ыччаты ол эйгэҕэ иитэр-үөрэтэр, дьоҥҥо аламаҕай сыһыаннаах, аһыныгас уйан дууһалаах, кыһалҕалаах дьоҥҥо, түгэҥҥэ куруук күүс-көмө, өйөбүл буолар, элэккэй-эйэҕэс, дьону түмэ тардар дьоҕурдаах, оҕо-аймах таптыыр учуутала, эрэллээх доҕоро, айымньылаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы сылдьар биир идэлээҕим, төрөппүт быһыытынан оҕолорум уһуйааччылара Тарасенко Ирина Юрьевна туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Ирина Юрьевна түөрт оҕолоох Тарасенколар дьиэ кэргэҥҥэ маҥнайгы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлэрэ Анна Николаевна — билигин да маҥан халааттаах аанньалынан үлэлии сылдьар, дьон-сэргэ, оҕо аймах махталын ылыан ылар сымнаҕас илиилээх, сылаас сүрэхтээх сиэстирэ, аҕалара Юрий Семенович Таатта улууһугар тутуу эйгэтэ сайдарыгар бэйэтин кылаатын киллэрбит, соҕуруу дойдунан кэпсэтиилэри ыытар, улууһу араас техниканан хааччыйар үлэһитинэн үлэлээбитэ, күөгэйэр күнүгэр сылдьан оһолго түбэһэн олохтон туораан, ийэлэрэ түөрт оҕону соҕотоҕун үөрэттэрэн, атахтарыгар туруортаан, үлэһит оҥорон, билигин улахан дьиэ кэргэн эйэҕэс эбэтэ. Аҕалара үөрэххэ олус ирдэбиллээх буолан, оҕолор үөрэҕи сыаналыы улаатаннар төрдүөн үрдүк үөрэхтээхтэр.
Ирина Юрьевна Таатта улууһун Алампа аатынан Ытык-Күөл 1 №-дээх орто оскуолатын физкультура уонна ОБЖ учууталынан 21-с сылын үлэлии сылдьар. Оскуола саҕаттан бастыҥ спортсменка. Спорт умсугууталаах эйгэтигэр аан бастакынан уһуйбут учууталынан Кононов Владимир Ильич буолар. Владимир Ильич заалынан, таһырдьанан оҕо бөҕөнү дьарыктыыра, кини уруогун олус сөбүлүүллэрэ. Ира кыыс киниэхэ дьарыктанан хайыһардьыт бастыҥа буолар. 8 кылаастан ДЮСШ-ҕа тренер Людмила Анатольевнаҕа волейболга дьарыктанан, ол күнтэн билиҥҥэ диэри мээчиги доҕор-атас оҥостон, волейболга улуус сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, хапытаана, “СахаВа” чөмпүйүөнэ, учууталлар спартакиадаларын кыайыылааҕа. Дьиэ кэргэнинэн спортивнай күрэхтэһиигэ кыттыы кыра эрдэхтэринэ түөлбэнэн “Ийэм, аҕам уонна мин” спортивнай күрэхтэһииттэн саҕаламмыт эбит. Куруук кыттан, өссө биирдэ кыайан, сууда биэрбиттэринэн дьыбаан атыылаһан турардаахтарын Ирина Юрьевна үөрэ-көтө кэпсиир. Бу барыта олук буолан, идэтин таба талан, Дьокуускайдааҕы ПУ кыһыл дипломунан бүтэрэр. Эдьиий киһи быһыытынан устудьуон былтыларын, быраатын үөрэттэрээри ийэтигэр көмөлөн, үлэлии-үлэлии үөрэҕин кэтэхтэн үрдэтинэр.
Ирина Юрьевна учуутал идэтин 1998 сыллаахха Дьокуускайдааҕы мөлтөхтүк истэр оҕолор оскуоларыттан саҕалаабыта. 2002 сыллаахха дойдутугар, биһиги оскуолабытыгар, кэлэн, харыс да сири халбарыйбакка, оскуолаҕа уһуйбут, үөрэппит бастыҥ учууталларын курдук физкультура учууталынан айымньылаахтык үлэлии, спорка бэйэтин холобурунан үгүс ыччаты угуйа сылдьар, чэгиэн туруктаах, чөл куттаах көлүөнэни иитиигэ дьоһун кылаатын киллэрсэр биир бастыҥ үрдүкү категориялаах учууталбыт, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна.
2005 сыллаахтан ОБЖ биридимиэтэ киириэҕиттэн үөрэтэр. Бу сылтан “Бэргэн” байыаннай-патриотическай кулуубу тэрийэн үлэлэтэллэр. 2008 сыллаахха анаммыт кылааһын төрөппүтэ, НВП үөрэхтээх Евлев Андрей Николаевич Ирина Юрьевнаны оҕолорун кытта тэҥҥэ стройга туруоран, дьарыктаан, байыаннай үөрэх эйгэтигэр үөрэппит. Андрей Николаевичтыын ОБЖ кабинетын бэйэлэрэ оҥостон тэрийбиттэрэ.
Эр киһи үлэтин ылсан үлэлиирэ кини хорсун санаалааҕын, туохтан да иҥнэн, чаҕыйан турбат, туруоруммут сыалын ситиһэр ураты майгылааҕын, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээҕин туоһулуур. “Бэргэн” кулуупка уолаттар эрэ буолбакка, кыргыттар эмиэ үөрүүнэн киирэр буолбуттара, элбэх улуустааҕы күрэхтэһиилэргэ кыайыы өрөгөйүн билэн, санаалара кынаттанан, учуутал киһи хараҕа уоттанан, үлэ төгүрүк сылы быһа күүскэ ыытыллар: кыһынын оскуолаҕа, сайынын Чымнаайы оскуолатын кытта Блахиров Митрофан Кузьмичтыын Уодайга лааҕыр тэрийэн үлэлэтэллэрэ.
Бастыҥ көрдөрүүлээҕин иһин улууска кэлбит үс ОБЖ кабинетыттан биирин киниэхэ аныыллар. Бастакы хараҥаччыларын олус күндүтүк саныыр, бу уолаттар ытык иэстэрин төлүү, аармыйаҕа сулууспалыы бардахтарына, байыаннай чаастарыттан төрөппүттэригэр хайҕал сурук кэлэрин учууталларын кытта үөрүүлэрин үллэстэн, махталларын тиэрдэллэрин үөрэппит, такайбыт киһи олус долгуйа ахтар.
Үөрэнээччи, төрөппүт махтала – бу буоллаҕа учуутал үлэтин тугунан да сыаналаммат түмүгэ. Устудьуоннуу бардахтарына, сыал ытыытыгар, байыаннай күрэхтэргэ куруук кытталлар. Былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи Ыччат ыһыаҕар бастакытын ыытыллыбыт байыаннай күрэхтэһиигэ кыайбыттара. Бэргэнтэн кынаттанан элбэх оҕо МЧС, полиция, МВД эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Кылаас салайааччытын быһыытынан үс кылааһы олох киэҥ аартыгар үктэннэрдэ.
Ирина Юрьевна учуутал, уһуйааччы быһыытынан үрдүк таһымнааҕын үөрэнээччилэрэ улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-га, олимпиадаларга, Бүтүн Россиятааҕы куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттыылара бигэргэтэр. Ол курдук, Дойду Президенэ тэрийэн ыытар “Президенские состязания” күрэҕэр күүстээх сүүмэрдээһини ааһан, икки төгүл финалга киирэн турардаахтар (2017, 2020 сс). 80-тан тахса регион кыттарыттан биһиги оҕолорбут айар түһүмэххэ бэһис уонна иккис миэстэ буолан өрөспүүбүлүкэбит чиэһин үрдүктүк көмүскээн тураллар. Бүтүн Россиятааҕы оҕо кииннэрин “Океан”, “Артек”, “Смена” лааҕырдарыгар сынньанан, юнармеейскай сменаларга дьарыктаналлар. Улууспутугар Юнармия хамсааһынын 2019 сылтан аан бастакынан киллэрэн, күүстээх, утумнаах үлэни ыытар. Эдэр армеецтар үрдүк ситиһиилэринэн, көрдөрүүлэринэн биир өрөспүүбүлүкэ Феликс Поморцев аатынан “Юнармия мэтээлэ”, үс Россия таһымнаах “Юнармия килбиэнэ” мэтээлинэн наҕараадаланан тураллар.
Оттон Ирина Юрьевна дойдуга бэриниилээх ыччаты иитиигэ үгүс сыллаах үлэтин түмүгүнэн ааттыахха сөп: 2021 сыллаахха национальнай “Патриот” бириэмийэ туттарыылаах Бүтүн Россиятааҕы патриотическай форум күрэҕин лауреата, Саха сиригэр Автономия тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах “100 бастыҥ инициатива” үбүлүөйдээх кинигэҕэ “Бэргэн” байыаннай-патриотическай кулууп үлэтин сырдатыы сүүмэрдиир күрэҕи ааһан киириитэ, 2022 сыллаахха Санкт-Петербурга Бүтүн Россиятааҕы уонна Барнаул куоракка Уокуруктааҕы патриотическай форумнар анал ыҥырыылаах кыттыылааҕа уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи семинардарга, мунньахтарга үлэ уопутун тарҕатыыга ыҥырыыга сылдьар баай уопуттаах учуутал.
Бу дириҥ суолталаах бырайыак аан бастаан 2015 сыллаахха кылааһын уолаттарын Бүтүн Арассыыйатааҕы “Робофест-2015” фестивальга илдьэ барыыттан саҕаламмыта. Оҕолор робототехникаҕа күрэхтэһэ таарыйа, Улуу Кыайыы 70 сылынан төрөөбүт төрүт сирдэрин буорун Сүгүрүйэр хайаҕа илдьэн куппуттара, историческай музейдарынан сылдьыбыттара. Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар тыынын кинигэттэн ааҕан, киинэҕэ көрөн, олус чугастык ылынар буолан, маннык сидьиҥ быһыы аны хаһан да хатыламматын билиҥҥи ыччат билиэхтээх, төрөөбүт дойдутун таптыы, харыстыы үөрэниэхтээх диэн санааттан салайтаран, “Бэргэн” кулууп үлэтин хайысхатын эбии өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр оҕолору сырытыннарарга туһаайбыта.
Араас бырайыактары толкуйдаан, айаннарын барытын эрдэттэн аттаран, кыһын устата көрдүүр-чинчийэр үлэни ыытан, саас аайы сыаллаах айаҥҥа туруналлар. Ол курдук, оскуолабытын 1942 сыллаахха бүтэрбиттэр, буойун учууталлар, бастакы идэтийбит худуоһунньук Иван Попов, оскуолабыт бастакы выпускнига А.И.Софронов-Алампа, Таатта улууһун буойуннарын суолларынан Новороссийк, Анапа, Волгоград, Санкт-Петербург, Москва, Смоленск, Минск, Брест куораттарынан сырыттылар. Быйыл саас Санкт-Петербурга ыытыллар форумҥа кыттан баран, Старай Русса, Ильмень куораттарга айаны былааннаан үлэлэрин саҕалаабыттара ыраатта. Манна барытыгар ЮНЕСКО ассоциированнай оскуолаларын кытта көрсүһүүлэри тэрийиигэ дириэктэри инновацияҕа солбуйааччы Будикин Иван Евсеевич өҥөтө улахан. Маннык улахан бырайыактар олоххо киирэллэригэр көрдүүр-чинчийэр үлэтигэр бүтүн оскуола үлэлэһэр, ону сэргэ С.Д.Сидорова, М.Е.Павлова, У.Г.Егорова улахан өҥөлөөхтөр.
Технология учуутала Н.П.Степанов айаҥҥа тэҥҥэ сылдьыһан, бырайыагы олоххо киллэриигэ уонна “Бэргэн” кулууп бары үлэтигэр оруола улахан. 2021 сыллаахха оскуолабыт бастакы выпускнига А.И.Софронов-Алампа төрөөбүтэ 135 сылыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Алампа туллугун илдьитэ” эстафетаны Николай Прокопьевич туойтан оҥорбут “Алампа туллуга” дойду тэбэр сүрэҕиттэн Москва куораттан Судаарыстыбаннай Дууматтан саҕалаабыттара. Бу улахан бырайыактар олоххо киирэллэригэр оскуолабыт “Албаан аат” хоһун матырыйааллара көмө буолан, учууталлар, үөрэнээччилэр бары кыттан үлэлиирбитин тоһоҕолоон бэлиэтээн туран, Ирина Юрьевна кылаас салайааччыларыгар, үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ, оскуолабыт администрациятыгар муҥура суох махталын биллэрэр.
Москва куоракка лауреат буолар үрдүк наҕарааданы туттарыыларыгар бу үрдүк кыайыытын өр сылларга үлэлиир оскуолатыгар аныырын туһунан олус долгуйан туран тыл этэн турардаах. Онон маннык айаннартан оҕолорбут төрөөбүт түөлбэлэрин киэҥ сирдэринэн ааттата сылдьаллар, бэйэлэрэ саҥаны билэ-көрө үүнэллэр-сайдаллар. Маны таһынан кэнники икки сылга төрүт дьарыкка сыһыаран, уол оҕону иитиигэ ылсан үлэтин саҕалаата: муус ылыыта, муҥхаҕа уһуйуу.
Ити курдук Ирина Юрьевна киэҥ сирдэринэн, ытык миэстэлэринэн элбэхтэ сылдьан, олоҕу көрүүтэ кэҥээн, аны “кимтэн кииннээхпин, хантан хааннаахпын” диэн санаа үөскээн, бэйэтин төрдүн-ууһун үөрэтэн көрөргө ылсар.
Сахалар түөлбэлээн олорор улуустарыгар Тарасенко диэн атын омук араспаанньата хантан тиийэн кэлбитин билээри, ыраас илиистэн саҕалыырдыы төрүччүнү үөрэтиигэ ылсар. Тарасенколар аймах эһэлэрин Семен Иванович туһунан билэллэрэ диэн: 9 сыл хоту ГУЛАГ сыылкатыгар сытан баран, дойдулаан иһэн, манна ыал буолан хаалбыта эрэ. Кыым буолан сахпыт санаатын билигин да үөрэтэ, чинчийэ сылдьар, олохтоох архыыптан саҕалаан өрөспүүбүлүкэ, ону ааһан дойду таһымнаах, байыаннай архыыптарын, бүтүн киэҥ аймахха туһалаах үлэни ылсан көрдүүр-чинчийэр үлэни ыыппыта алтыс сыла буолла. Уһун унньуктаах үлэ дириҥээн ахсыс-тохсус көлүөнэтигэр тиийбит. Эһэлэрин төрөөбүт дойдутугар сэриигэ баран өлбүтүнэн ааҕаллар эбит.
Саха сиригэр сыылкаҕа сылдьыбытын, манна ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн улахан дьиэ кэргэн аҕата, эһэтэ буолбутун, 1977 сыллаахха өлбүтүн истэн олус соһуйбуттар даҕаны, үөрбүттэр даҕаны. Оттон Дьиэрэҥнээх, Кулаада сириттэн төрүттээх эбэтин өттүнэн хос эһэтэ Петров Иннокентий Иванович Аҕа дойду Улуу сэриитин толоонугар 1943 сыллаахха сураҕа суох сүппүт, ханна көмүллэ сытара өргө диэри биллибэтэх, 80-с сылларга Смоленскайга бырааттыы көмүллүүгэ аата баарын туһунан илдьит кэлбит. Дьэ маны билэр сыаллаах үгүс өрүттээх үлэни ыытан, чопчу ханна көмүллүбүтүн чуолкайдаан, былырыын Смоленскайга сэриилэспит Таатта улууһун буойун саллааттарын суолларынан айаҥҥа оҕолору илдьэ бара сылдьан, кыра уолунаан Артурдуун хос эһэлэрин көмүллүбүт сиригэр төрүт буорун илдьэн кутан, эбэлэрин алаадьытын ууран, сырдык аатыгар сүгүрүйэн, кэриэстээн турардаахтар.
Ирина Юрьевна — икки уол тапталлаах күн-күбэй ийэтэ. Улахан уол Вася ХИФУ авдорожнай факультетын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Москва куоракка Россиятааҕы транспорт университетыгар магистратураҕа үөрэнэ сылдьар, хаартыскаҕа түһэрэрин, видео устарын, таҥарын сөбүлүүр. Кыра уол Артур 8 кылаас үөрэнээччитэ, буулдьанан ытыынан дьарыктанан саҕалаан эрэр. Уолаттар иккиэн дьиэ кэргэнтэн бэриллибит үтүө үгэһи утумнаан, барыга көхтөөхтөр, оскуолаларын, улуустарын чиэһин элбэхтэ көмүскүүр дьон.
Ирина, үлэһит бэрдэ киһи, устудьуон саҕаттан уопсастыбаннай үлэҕэ олус көхтөөх. 10 сыл оскуолабыт идэлээх сойуустарын сатабыллаахтык салайан үлэлэппитэ, элбэх араас өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэргэ кыттан, бэрэссэдээтэллэр күрэхтэрин хас да төгүллээх призера, улууска “Бастыҥ бэрэссэдээтэл” күрэх кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустарын бары араҥаларын 100 бастыҥ бэрэссэдээтэлин ахсааныгар киирбитэ — кини таһаарыылаах үлэтин түмүгэ. 2007 сыллаахха Ытык-Күөлбүт халаан уутугар барыытыгар, 2021 сыллаах баһаар уотуттан көмүскэнэр кэмигэр биир бастакынан дьону түмэ тардан көмөҕө туруммута: сииги-силбиги ортотунан ууттан бөҕөргөтүнүүгэ, киһи тумнастар буруотугар уоту умулларыыга.
Дьоҥҥо куруук күүс-көмө, өйөбүл буолар үтүө санаа олох кыра эрдэҕиттэн дьиэ кэргэнигэр иҥмит эбит. Ол курдук, аҕалара Юрий Семенович оччолорго техника аҕыйаҕар дьоҥҥо отторун-мастарын тиэйэн биэрэн, араас кыһалҕаларыгар техниканан көмөлөһөн, механик буолан оҥорсон, ийэлэрэ эһээхий оҕоттон саҕалаан, сытар ыарыһахха дьиэлэригэр тиийэн укуол биэрэн, систиэмэ туруоран аанньал буолан абырыы сылдьарын оҕолор көрө улааппыттар, батыһа сылдьан үтүө санааҕа, амарах сыһыаҥҥа иитиллэн тахсыбыттар.
Ирина Юрьевна курдук тус бэйэтин олоҕунан, үлэтигэр бэриниилээҕинэн дьоҥҥо үтүө холобур буолуон буолар. Биир идэлээхпэр өссө да таһаарыылаах айымньылаах үлэни, ылсыбытыҥ ыпсан, толкуйдаабытыҥ тобуллан, санаабытыҥ сатанан иһэригэр баҕарабын.
Галина Им, общ.корр.