Үөрэх дьылын бастакы чиэппэрэ түмүктэннэ. Онтон биһиэхэ бииртэн биир, инники олохпутун түстүүр үлэ күөстүү оргуйар. Ол курдук, математикаҕа өйгө суоттааһын күрэҕэ, Арассыыйа таһымыгар куонкуруска бэлэмнэнии о.д.а. Сэтинньи 1 күнүгэр учууталбыт Марианна Макаровналыын, кылааспытынаан Саха сирин биир умнуллубат кэрэ көстүүлээх сиригэр «Ирбэт тоҥ саарыстыбатыгар» ( „Царство Вечной Мерзлоты” )сырыттыбыт. Бу сир Саха сирин кэрэ уобарастарын, култууратын түмпүт эйгэ буолар. Саха уһулуччулаах маастардара остуоруйа дойдутун муус оҥоһуктарынан тилиннэрбиттэрэ көрөргө кэрэхсэбиллээх.
Манна олус тымныы, ол гынан баран, Сахабыт сирин биир чахчы уратытын — ирбэт тоҥу, дьиҥ хараххынан көрүөххүн сөп.
Биһиги олус дуоһуйдубут, сынньанныбыт. Бу маннык үчүгэй тэрээһиннэри өссө да күүтэбит.
Тускул Титов, VIII «г» кылаас, 20 оскуола, Дьокуускай.