Бүгүн, балаҕан ыйын 2 күнүгэр, 1945 сыллаахха фашистскай Германия бүтэһик куомуннааҕа капитуляциялаабытын туһунан аакка илии баттаммыта.
Японияны кытта кыргыһыыга 8 тыһыынчаттан тахса сэбиэскэй буойун Кыайыы туһугар олоҕун толук уурбута. Оттон Аан дойду иккис сэриитигэр 27 мөл сэбиэскэй киһи, ол иһигэр биһиги биир дойдулаахтарбыт сырдык тыыннара быстыбыта. Саха сириттэн 62 тыһыынча киһи Ийэ дойдуну көмүскүүр сэриигэ барбыта, кинилэр аҥаардара кыргыһыы хонуутугар геройдуу охтубута.
Забайкальетааҕы байыаннай чаастарга, Уһук Илиҥҥи 1-кы уонна 2-с фроннарга тыһыынчаттан тахса Саха сирин буойуна сулууспалаабыта, Маньчжурияҕа уонна Хингаҥҥа Квантунскай армияны кытта кырыктаах кыргыһыыга хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кыайыы туһугар биһиги норуоппут сүҥкэн сүтүгү, аата-ахсаана биллибэт эрэйи-муҥу көрсүбүтэ.
Эйэлээх олох туһугар саллааттар хорсун быһыылара хас биирдиибитин Ийэ дойдуга таптал тыыныгар иитэр, киэн туттууну үөскэтэр. Дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар Сахабыт сиригэр аҕа көлүөнэни — дьоруойдар көлүөнэлэрин кытта ситими бөҕөргөтүү, үүнэр көлүөнэҕэ Ийэ дойдуга ытыктабылы иҥэриигэ бигэ акылааты ууруу дьоһун суолталаах.
Бу күннэргэ Владивосток куоракка Аан дойду улуу сэриитэ капитуляциялаабытын туһунан аакка илии баттаммыт суолталаах күнүгэр анаммыт сүдү улахан «Мирный Тихий» диэн ааттаах быыстапка «Централь» арт-галереяҕа тэриллэн үлэлии турар. Быыстапкаҕа Уһук Илиҥҥи эригийиэннэр худуоһунньуктара кыттыыны ылаллар.
Удьуор худуоһунньук Иннокентий Корякин «Ийэ Кытыл-Родной берег» (2021 с.) саҥа үлэтэ бу быыстапкаҕа кыттыыны ылар.
Биир интервьюга худуоһунньук маннык диэн кэпсээн турардаах:
– Аҕам өттүнэн эһэм Корякин Дмитрий Николаевич икки оҕотун хаалларан, 1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыта. 42 сааһыгар. Кэргэнэ эрдэ өлбүтэ. Сталинградка тиийбит диэн информация баар. Уонна сураҕа суох сүппүт. Үөрэҕэ суох буолан дуу, суруйар киһитэ суох буолан дуу, сурук ыыппатах. Сыл аҥаара сылдьыбыт уонна бааһыран өлбүт диэн информация баара да, чуолкайа суох. Аҕам, кырдьаҕас убайдарбыт көрдүү сатаабыттара. Кыайан булбатахтара. Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар эһэбин кэриэстээн хартыына оҥорбутум. Ол кэмҥэ интэриниэккэ “сураҕа суох сүппүт саллааттары көрдөөн булабыт” диэн биллэриини көрбүтүм уонна суруйбутум. Арай ол киэһэ информация булан ыыттылар. Сааһа сөп түбэһэр, Саратов куоракка эвакуационнай госпитальга бааһыран өлбүт диэн. Дьиктитэ баар, араспаанньата Корякина диэн. Хайа саастаах дьахтар эр дьон быыстарыгар сылдьыаҕай дии саныыбыт. Ол иннинэ Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа кыттарга худуоһунньуктар Сойуустарын аатыттан сайаапка түһэрбиппит. Онно ити эһэм мэтириэтэ кыттар буолла диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Эһэм туох эрэ бэлиэ ыытар дуу дии санаабытым. («Киин куорат», 04.12.2020 с.).
«Эһэм Корякин Дмитрий Николаевич сырдык кэриэһигэр», 2015 с.