Муус устар 6 күнүгэр биир дойдулаахпыт, киэн туттар, холобур оҥостор чулуу спортсмеммыт, тренербит Иннокентий Семенович Кочкин бирииһигэр 2011-2012 сыллаах төрүөх уолаттарга көҥүл тустууга өрөспүүбүбүкэтээҕи көҥүл тустуу турнира буолан ааста.
Турнирга Таатта, Амма, Томпо, Чурапчы, Үөһээ Дьааҥы улуустарын, Дьокуускай куорат 11 хамаандатын бөҕөстөрө күөн көрүстүлэр. Барыта 84 бөҕөс кыттыыны ылла.
Көҥүл тустуу турнира кыттааччылар парадтарыттан саҕаланна. Хас биирдии хамаанда хапытааннара күрэхтэһии былааҕын үөһэ күөрэтэн таһаарбыттара. Үөрүүлээх арыллыытыгар эҕэрдэ үҥкүү, ырыа, эҕэрдэ тыллары иһиттибит. Онтон биһиги, юнкор доҕорбун Айаана Семенованы кытта тренердартан, кыттааччылартан, көрөөччүлэртэн уонна Иннокентий Семёнович Кочкинтан интервью ылан элбэх спортсмены кытта билистибит. Атыы-эргиэн элбэх, ыалдьыт дьону наһаа минньигэстик аһаттылар.
Барыта 50- ча киирсии кэннэ финалга күөн көрсүү буолла. Саамай долгутуулаах түгэн –кыайыылаахтары наҕараадалааһын. Чемпион үрдүк аатын ылан сыаналаах бэлэхтэри туттулар. Сорох спортсменнар анал бириискэ тигистилэр. Кыайыылаахтар мэтээллэрин Аан дойду чемпиона, норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга спорт маастара, бастыҥ тренер Иннокентий Кочкин бэйэтин илиититтэн тутар дьолго тигистилэр. Бу курдук киэҥ түһүлгэ доҕордуу тыынынан ааста. Онтон чемпион үрдүк аатын ыллылар:
28 кг. Потапов Еремей, Амма
30 кг. Хертек Айхан, Баайаҕа
33 кг. Карпов Марат, Амма
35 кг. Никифиров Николай, Амма
38 кг. Семенов Эрнест, Төлөй
42 кг. Мордовской Эрчимэн, Дьокуускай
45 кг. Ершов Василий, Дьокуускай
50 кг. Окороков Святослав, Амма
58 кг. Турантаев Вова, Амма
Кыайыылаахтар мэтээллэрин Аан дойду чемпиона, норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга спорт маастара, бастыҥ тренер Иннокентий Кочкин бэйэтин илиититтэн тутар дьолго тиксибиттэрэ.
Алёна ТАППЫРОВА, VI кылаас, Уолба, Таатта