Быйыл «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар Саха сиригэр VIII төгүлүн ыытыллаллар. Бу оонньуу тапталлаах Дьокуускай куораппыт сайдыытыгар сүҥкэн суолталааҕын тэҥэ, элбэх эдэр спортсмены улахан спорт түһүлгэтигэр таһаарда.
Биһиги нэһилиэкпититтэн Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатыгар 2012 сыллаахха Александр Денисов тустууга, 2016 сыллаахха Иннокентий Филиппов волейболга кыттыбыттара.
Ол туһунан сиһилии билээри Иннокентий Филипповы көрсөн интервью ыллым.
Иннокентий Чурапчытааҕы физкультура институтун бүтэрбитэ. Билигин суоппарынан үлэлиир. Саха сирин, Чурапчы улууһун волейболун хамаандатын биир талааннаах оонньооччута.
– Үтүө күнүнэн, Иннокентий! Хаһааҥҥыттан волейболунан дьарыктанаҕыный, бастакы тренерын туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Үтүө күнүнэн! Волейболунан оскуола эрдэхпиттэн дьарыктанан саҕалаабытым. Биһиги дьиэ кэргэммитигэр бары волейболлуубут. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Мин саамай кыраларынабын. Аҕалаах ийэм «СахаВа» «Маарыкчаан», «Хадаар» кулууб чилиэттэрэ этэ. Эдэр саастарыттан волейболлууллар. Ол да иһин, кыра эрдэхпиттэн көрөн улааппыт буоламмын, волейболга түргэнник сыстыбытым. Бастакы тренерым Иван Прокопьевич Флегонтов. Кэлин Альберт Павлович Бродниковка дьарыктаммытым.
– «Азия оҕолоро» оонньуулар сүүмэрдэммит хамаандатыгар хайдах киирбитин туһунан кэпсээ эрэ.
– 2015 сыллаахха тохсус кылааска Чурапчы улууһун сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, Дириҥҥэ дьарыктана сырыттахпына, Д.П. Коркин аатынан спортивнай оскуола тренерэ Альберт Павлович Бродников бэлиэтии көрөн, «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттар кыахтааххын, дьарыктыам, спортивнай оскуолаҕа кэлэн үөрэн» диэн ыҥырбыта. Дьоммун кытта сүбэлэһэн бараммын, Саҥа дьыл кэнниттэн үөрэнэ тиийбитим. 2016 сыл сайыныгар «Азия оҕолоругар» кыттыбытым. Чурапчы улууһуттан бэһиэ этибит. Бу оонньуулар миэхэ аан бастакы улахан күрэхтэһиим буолар.
– Бу кэмтэн саамай өйгөр хатаммыт түгэнин ханныгый?
– Саамай өйбөр хатаммыт түгэним кыайтарыыбыт буолар. Хас биирдии спортсмен ситиһиигэ сыаллаан үлэлиир. Оччолорго оҕо санаабар кыһыылаах, хомолтолоох этэ. Ону таһынан, оонньуулары үөрүүлээхтик арыйыы олус долгутуулаах, кыраһыабай көстүү этэ. Билиҥҥээҥҥи диэри өйдүү-саныы сылдьабын.
– Волейбол эн олоххор туох уларыйыыны киллэрдэ, тугу биэрдэ дии саныыгыный?
– Билигин сэргэх, нууччалыы эттэххэ, активнай олохтоохпун. Сотору-сотору күрэхтэһии, барыы-кэлии. Элбэх сири-дойдуну көрдүм, элбэх доҕоттордоннум. Доруобай, чөл олоҕу тутуһабын, эт-хаан өттүнэн куруук эрчиллэбин. Онон волейбол олохпор үчүгэй эрэ өттүнэн дьайар.
– Хамаандаҕар оонньуур позицияҥ ханныгый?
– Центральнай блокирующай уонна нападающай. Ол аата утары хамаанда быһарын блоктуубун, быһабын.
– Иллэҥ кэмҥэр өссө тугунан дьарыктанаҕыный?
– Айылҕаҕа сылдьарбын, бултуурбун сөбүлүүбүн. Сылын ахсын ыытыллар «Байанай күрэҕэр» ситиһиилээхтик кыттабын. Улууска Хайахсытым, өрөспүүбүлүкэҕэ улууһум чиэһин көмүскүүбүн.
– Биһиэхэ, оскуола оҕолоругар, тугу баҕарыаҥ этэй?
– Чөл олоҕу тутуһуҥ, спордунан дьарыктаныҥ. Хайа баҕарар спорт көрүҥүнэн үлүһүйүҥ, эккитин-хааҥҥытын сайыннарыҥ. Спорт – уһун, дьоллоох олох тутула.
Интервьюну ылла уонна сурукка тистэ Вика БОРИСОВА, VIII кылаас,
А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата, Чурапчы