Тохсунньу 18-21 күннэригэр Дьокуускай куоракка Роман Дмитриев аатынан Олимпийскай резервэ училищетин выпускниктарын бирииһигэр 2008-2009 с.т. уолаттарга боксаҕа отборочнай турнир буолан ааста. Барыта республика араас улууһуттан 60 эдэр боксер күөн көрүстэ.
Сунтаар улууһуттан икки уол талыллан кытынна. Олортон биирдэстэрэ биһиги оҕобут, 8-с кылаас үөрэнээччитэ Алмаас Никифоров буолар. Алмаас 57 кг киирсэн 2-с бочуоттаах миэстэни ылан мэтээлинэн, дипломунан наҕараадаланна уонна кэнэҕэс олимпийскай резервэ училищетыгар киириэн сөп кыаҕы ылла.
Алмаас боксанан кыра сааһыттан дьаныардаахтык дьарыктанар, араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан мэлдьи миэстэлэһэр. Ханнык баҕарар спортсмен ситиһиитэ тренертэн олус тутулуктаах. Ол курдук, алмаас тренерэ Бэргэн Александрович Климов биһиги оскуолабытыгар быйыл 8-с сылын уолаттары боксаҕа уһуйар.
Бэйэтин идэтигэр олус бэриниилээх тренер бокса күрэҕин пьедесталыгар элбэх оҕону таһаарда.
Санатан этэр буоллахха, быйыл кулун тутар ыйга оскуолабыт баазатыгар бокса күрэҕэ ыытыллыахтаах.
«Кустук» пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар.