Бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр, «Өрөгөй» спорт уораҕайыгар Владимир Петрович Ларионов аатынан XXIX төгүлүн ыытыллар «Инникигэ хардыы» Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ маҥнайгы стендэбэй түһүмэҕин күнэ буолла.
Техника уонна технология хайсхатыгар сылтан сыл аайы араас технологияларынан оҥоһуллубут туһалаах оҥоһуктардаах оҕолор мусталлар. Бу хайысха техническай наука, горнай инженерия, энергетика, ниэп гаас дьыалата уонна научнай техническэй быыстапка салааларынан арахсан ыытылынна.
Мэҥэ Хаҥалас, Майа лиссиэйин 9 кылааһын үөрэнээччитэ Алберт Пивоваров саҥа технологиянан сахалыы 3D ытык оҥоруутун туһунан кэпсээтэ:
— Бастаан уустар биир ытыгы хайдах, төһө бириэмэ, төһө ыараханнык оҥороллурун үөрэппиппит. Оҥорорго икки күн барар эбит. Онтон биһиги буоллаҕына бу биир ытыгы 3D бэччээт нөҥүө икки чаас иһигэр оҥоруохпутун сөп. Оскуолабытагар биэс принтердаахпыт. Рукояткатын маһынан оҥоробут, бу мантыката чэпчэкитик оҥоһуллар. Пластига PLA (полилактид) саахарнай тростник ол иһин киһи доуробуйатыгар, аска туох да буортуну аҕалбат. Мас ытыктан уратыта диэн бөҕө уонна элбэх тиистэрдээх буолан түргэнник ытыйар, маска курдук бактерияны муспат, түргэнник сууйуллар уонна быдан үйэлээх. Хамаандабытыгар үһүөбүт, нэһилиэкпитигэр сакааска маннык аныгы технологиянан ытыктары дьоҥҥо оҥоробут.
Салгыы научнай техническэй быыстапка кыттыылаахтарын кытта биһиги юнкордарыбыт, Кэбээйи орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ Виолетта Левина уонна Сайаана Терехова кылагас видеоинтервью устубуттарын көрүөххэ.
Keskil14.ru