Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ быраатым, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Тыыллыма орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ Кривогорницын Степа «Төрүччүнү билии — олоххо тирэх» диэн тиэмэнэн «Генеалогические исследования» хайысхаҕа кыттыыны ылла.
Маннык тэрээһин оҕолору научнай чинчийии ыытарга уонна дьон иннигэр кэпсииргэ үөрэтэр. Оҕолор олус киэн туттан туран хос эбээлэрин, эһээлэрин туһунан кэпсээтилэр. Чинчийии ыытан, оҕолор төрүттэрин туһунан элбэх саҥаны билбиттэрэ буолуо дии саныыбын. Маннык тэрээһин дьиэ кэргэни олус диэн түмэр: ийэлэр, эбээлэр оҕолорун үлэлэрин ис дууһаларыттан өйүүллэрэ көстөр, тэҥҥэ матырыйааллары көрдүүллэр, булаллар, дакылаакка кытталларыгар долгуйаллара эмиэ көстөр.
Тэрийээччи бөлөххө, чуолаан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үлэһиттэригэр, махталбын тиэрдэбин. Кэмпириэнсийэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Степа «Ректайм» тэрилтэ сертификатынан наҕараадаланан, олус үөрдэ, үлэтин өссө да инникитин чинчийэр былаана күүһүрдэ.
Наида Вениаминовна Кирикова, ХИФУ преподавателэ.