«Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпэриэнсийэ Үөһээ Бүлүү оскуолаларын үөрэнээччилэр түмтэ.
Ороһуттан түөрт оҕо Милан Павлов (5 кылаас, сал. Сардаана Алексеевна Осипова), Юлия Кондакова (6 кылаас, сал. Люция Петровна Кондакова), Сайаан Павлов (7 кылаас, сал. Сардаана Николаевна Васильева, Алёна Ивановна Ушатова). Саша Потримай (9 кылаас, сал. Светлана Ивановна Иванова) кыттыыны ыллылар.
Оҕолор докладтарын ис хоһоонун кылгастык билиһиннэриэхтэрэ.
Милан Павлов: «Докладым тиэмэтэ «Маамытай өбүгэ оонньуута». Педагогика сиэксийэтигэр аахтым. Маамытай тоҕо өбүгэлэрбит дьарык гынан оонньуур оонньууларыгар киирбэтэҕин быһаарыам. Кус сиэнэр эрэ кэмигэр оонньонор буолан киирбэтэх буолуон сөп. Маамытай оонньууну тарҕатаары 3 Д принтерынан пластиковай оонньууру уонна маһынан кыстаран оҥордубут. Маамытай саҥа көрүҥүн «Өркөн өй, тобуллаҕас толкуй» оҕо өйгө туттарын, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарга айдыбыт».
Юлия Кондакова: «Тиэмэм «История страны в биографиях моих предков». История сиэксийэтигэр аахтым. Ийэм Люция Петровна Кондакова төрдүн 9 көлүөнэҕэ дылы чинчийдим. Үлэбин этнограф Д.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло Ботуруускай улуус төрүттэрин туһунан оҥорбут төрүччүтүн туһанным.Төрүттэрим олорбут олохторун үөрэтии нөҥүө, бүтүн дойду историятын (ыраахтааҕы былааһа, өрөбөлүүссүйэ, СССР олохтонуута, гражданскай сэрии, Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи кэм) кытта төрүттэрим олохторун тэҥнии тутан үөрэттим. Эбии биллэр-көстөр урууларбыт кэпсээтим. П.А. Ойуунускай «Кыһыл ойуун» айымньытын прототиба буолбут аатырбыт Протасов ойуун туһунан кэпсээтим».
Сайаан Павлов: «Тиэмэм «Худуоһунньук Василий Беляев биир хартыынатын устуоруйата», культурология сиэксийэтэ. Георгий Романович Кардашевскай Ороһуга учууталлыы сылдьан, 1953 сыллаахха, Саратов куоракка Н.Г. Чернышевскай 125 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан бара сылдьыбытын туһунан оройуон хаһыатыгар «Коммунизм сардаҥатыгар» 1984 сыллаахха маннык суруйбут «Музейга биллибэт худуоһунньук оҥорбут бартырыатын көрбүтүм, онно толору уулаах икки туос ыаҕыйаны тутан Чернышевскай сыыры дабайан тахсан эрэрэ ойууламмыт, кини кэнниттэн үөрбүт сирэйдээх, атах сыгынньах атахтаах саха кыыһа хааман иһэрэ ойууламмыт. Худуоһунньук өрөбөлүсүйүөннүөр саха дьадаҥаларыгар киһилии сыһыанын ойуулаан көрдөрбүт. Ити суруллубуту ааҕан, интириэһиргээн Саратов түмэлин кытта суруйсан, 1931 сыллаахха Москваттан суруйааччы Борис Лунины кытта кэлэ сылдьыбыт Василий Беляев худуоһунньук уруһуйа буоларын билбиппит.»
Саша Потримай: «Тиэмэм «Распространение кувшинки четырехгранной в окресnных озёрах села Оросу». «Кыһыл кинигэҕэ» киирбит кувшинка «Эбэ»,»Хапчыр»,»Муоһааны»,» Уолбут» күөллэригэр 2004 сылтан хайдах уларыйбытым үөрэттим. Туохтан ахсаана аҕыйаабытын быһаардым. Ааттаммыт алаастар күөллэрин уутун «Ороһу- Нэгэдьээк» алаастары уунан нүөлсүтэр систиэмэтин хоруутунан уу киирэр буолан саас, күһүн элбии, аҕыйыы турарыттан, күөллэргэ кувшинка үүнэрин мэһэйдиир. Уларыйа турар уулаах күөллэргэ кувшинка үүнэрэ мөлтүүр».
Чинчийбит дакылааттарын көмүскээн, П. Милан — 1 миэстэни, К. Юлия — 2 миэстэ, П. Сайаан — 1 миэстэ, П. Саша — 2 миэстэни тиксэн үөрдүлэр-көттүлэр.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.