28-с төгүлүн ыытыллар академик В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» конференция үлэтин бүгүн иккис күнэ. Бэҕэһээ кыттааччылар стендовай көмүскээһиҥҥэ күннэрин анаабыт буоллахтарына, бүгүн бастыҥнар дакылаадтарын экспердэр иннилэригэр көмүскүү сылдьаллар. Тыа хаһаайыстыбатын наукатын секцията быйыл хаһааҥҥы да сыллардааҕар элбэх кыттааччыны муста. «Адаптивное растениеводство и земледелие» подсекцияҕа барыта 25 эдэр чинчийээччи кытынна.
Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Стас Максимов уопуттаах кыттааччы, өрөспүүбүлүкэтээҕи конференцияҕа алтыс төгүлүн кыттар. Онтон «Морфометрические исследования при гибридизации томатов» бырайыагын биэс сыл тухары чиҥэтэн, хаҥатан чинчийдэ! Биэс сыллааҕы үлэтин түмүгүн бүгүн билиһиннэрээри бэлэмнэнэр. Стас бэйэтэ наука эйгэтигэр 2 кылаастан саҕалаан дьарыктанар.
— Үлэм туһунан боростуойдук уонна кылгастык кэпсиир буоллахха, томат араас суортарын холбоон, туох уларыйыы тахсыбытын көрөбүн уонна чинчийэбин. Бу тиэмэ генетика өттүгэр эмиэ сыһыаннаах. Холобур, биир сорт кыһыл уонна кээмэйинэн аһара уһун буолуон сөп, онтон биир сорт араҕас уонна кылгас буолуон сөп. Хас да сыл буолан баран, төттөрүтүн араҕас уһун буолар, онтон кыһыл кылгас буолар. Ол иһин бу генетикаҕа эмиэ сыһыаннаах диэн чинчийэбин. Сүрдээх интэриэһинэй тиэмэ. Быйыл оскуолабын бүтэрэбин, биология эбэтэр физика-информатика өттүгэр туттарсар былааннаахпын.
Салайааччыта Зоя Владимировна Максимова, Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын эбии үөрэхтээһин педагога:
— Үөрэнээччибэр эрэллээхпин. Иккис кылаастан ыла дьарыктыыр оҕом. Билигин номнуо үүнэн-сайдан уопуттаах дакылаадчык. Араас тиэмэлэри үөрэппиппит, история, зоология да өттүгэр, онтон кэлиҥҥи сылларга бу тиэмэтинэн умсугуйан туран дьарыктанна.
Оҕо киэҥ, улахан конференцияларга, куонкурустарга кыттар буоллаҕына, кини дьон иннигэр саҥарара, бэйэтин тутта-хапта, көрүнэ сылдьара, бэйэтин сыаналаныыта (самооценката) үрдүүр. Бу оҕо психологиятыгар үчүгэй эбит. Бастатан туран, оҕо быдан аһаҕас уонна дьону кытары кэпсэтэ үөрүйэх буолар, иккиһинэн, наукаҕа интэриэһэ улахан буолан, наука мин олохпор туһалыа диэн өйдөбүл киирэр. Оҕо наукаҕа тардыһар уонна сүрүнэ — оскуолаттан дьарыктанан саҕалаан бэйэтин инники идэтин булуон сөп. Холобур, биология өттүнэн барыан сөп, сорохтор математика, физика өттүнэн саҕалаан баран, инники идэлэрин бу эйгэҕэ талаллар. Онон «Инникигэ хардыы» конференция оҕолорго, этэргэ дылы, идэни талалларыгар, оҕо олоххо миэстэтин буларыгар маҥнайгы хардыылара буолар.
keskil14.ru