Быйылгы «Инникигэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр кэмпириэнсийэлэригэр Нам улууһун Хамаҕатта саха-француз лиссиэйиттэн 9 кылааһын үөрэнээччитэ Самаана Местникова кыттар.
Самаана Местникова үлэтин тиэмэтэ: «Содержание витамина С в составе овощей и ягод Намского улуса Республики Саха (Якутия)» . Салайааччыта — биология учуутала Петрова Азалия Ивановна.
Бу үлэ сыалынан араас оҕуруот аһыгар уонна отоннорго С битэмиин кээмэйин быһаарыы уонна синтетическэй битэмииннэри кытта тэҥнээн көрүү буолар.
Бу соругу быһаараары Самаана маннык үлэни ыыппыт: Бастатан туран, научнай литератураны ырытан, С битэмиини быһаарар методиканы талбыт. Иккиһинэн, бэйэтин дойдутугар, Намҥа, үүнэр отоннорго уонна оҕуруот аһыгар төһө элбэх С битэмиин баарын быһаарар эксперимент ыыппыт. Бу бородуукталарга уонна синтетическэй битэмиин састаабыгар аскорбиновай кислота кээмэйин быһаарбыт. Бу түмүгүнэн С битэмииннээх бородууктаны харайар туһунан сүбэ-ыйыы оҥорбут.
Самаана чинчийэр үлэнэн алын кылаастан дьарыктанар. Маҥнайгы учуутала Мотрена Васильевна Канаева кылаас оҕолоро бары чинчийэр үлэнэн дьарыктаналларын тэрийэн, кылаас, оскуола иһинэн ааҕыыларга кытталлара. Орто сүһүөххэ ийэтин Александра Ивановна салалтатынан дьарыгын салҕаабыта.
«Ягодные растения Намского улуса» тиэмэни үөрэтэн, салайааччытын, биология учуутала, Азалия Ивановна Петрованы кытта ылсан, үлэлээн, үөрэтэн барбыттара. 6, 7 кылаастарга «Инникигэ хардыы» муниципальнай этабыгар, 8 кылааска республикаҕа миэстэлэһэн, Ярославль куоракка «»Открытие» научнай кэмпириэнсийэҕэ кыттан призер буолбута.