Академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII «Инникигэ хардыы»
эдэр чинчийээччилэр курэхтэрэ иккис кунэ буола турар. Культурология салаатыгар уопсайа 38 улэ баар, онтон биирдэстэрин сырдатыам. Ол курдук, Айтал Жирков, Горнай улууһун Бэрдьигэстээх орто оскуолатын, 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Кини чинчийбит тиэмэтэ: «Настольная игра на основе «Мир олонхо: Ньургун Боотур стремительный» диэн ааттаах.
«Билинни кэмнэ остуол оонньууллара оҕолорго, эдэр ыччакка, улахан дьонно олус умсугутуулаах бириэмэни атаарааhын буолар. Бу оонньуулар киhи өйүн-санаатын, киhи айар дьоҕурун сайыннараллар, көлүөнэлэр чугасыhалларыгар көмөлөhөр, аныгы гаджеттартан аралдьытар. Оҕолорго олоҥхону киэнник тарҕатыы уус-уран айымньы эйгэтигэр сыhыарар. Бу оонньууну ханнык баҕар саастаах киhи үлүhүйэн оонньуон сеп», – диэн Айтал Жирков биһигини кытта үллэстэр.
Дьүүллүүр сүбэ араас интэриэһинэй үлэлэри көрдө, кыттааччылар боппуруостарга эппиэттээтилэр, дьүүллүүр сүбэ баҕа санааларын иһиттилэр. Манан иккис күн түмүктэннэ.
Саяра Скрябина, Кэскил эдэр кэрэспэндьиэнэ, В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ