Бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр, «Өрөгөй» спорт уораҕайыгар Владимир Петрович Ларионов аатынан XXIX төгүлүн ыытыллар «Инникигэ хардыы» Өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция маҥнайгы күнэ түмүктэннэ. Тэрээһин аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев тыл эттэ, тэрээһин туһунан сырдатта. Экспертэр соруктарын эппиэтинэстээхтик уонна үтүө суобастаахтык толоруохпут диэн андаҕар тылларын биэрдилэр.
Наталья Михайловна Протодьяконова, научнай-методическай хайысха салайааччыта, «Инникигэ хардыы» конференция тэрийээччитэ, быйылгы ааҕыылар туһунан билиһиннэрдэ:
Быйыл уопсайа 1594 оҕо кыттыыны ыла сылдьар. Өрөспүүбүлүкэбит 35 улуустарыттан араас интэриэһинэй тиэмэлээх эдэр чинчийээччилэр муһуннулар. Конференция хас да түһүмэхтээх: оскуола, улуус уонна республика таһымнаах. Кэтэхтэн уонна сирэй кытталлар. Оҕолор бастакы күн стендэбэй түһүмэҕи ааһан, салгыы сарсын, иккис түһүмэххэ, туорууллар. Тиэмэлэр барыта хас да секциянан арахсаллар, уопсайа тэрээһиммит 44 подсекцияны хабан үлэлии турар. Сыл аайы хайысхаларбытын элбэтэн иһэбит, быйыл эбии саҥа 2 секция киирдэ. Саамай элбэх подсекциялаах хайысхабыт — гуманитарнай наука.
Стендэбэй түһүмэххэ олус элбэх интэриэһинэй үлэлэр көрдөрүлүннүлэр. Олортон биирдэстэрэ 1№-дээх Марха орто оскуолатын 8в кылааһын үөрэнээччитэ Максим Яковлев “Smart Board Game” диэн региональнай компоненнаах авторскай остуол оонньуутун үлэтэ буолар. Үлэтин туһунан кылгастык маннык билиһиннэрдэ:
Саха Сирин улуустарын аангылыйа тылынан суруйан, сорох үөрэнээччилэргэ маннык миэтэд быдан түргэнник өйдөнүө, аангылыйа тылын уруоктарыгар туһалыа, көннөрү иллэҥ кэмҥэ оонньоон билиини хаҥатыа диэн сыаллаах-соруктаах оҥордум. Оонньууга баар буолар: алаастар, суоллар, анал хаамар фишкалар, ат, балаҕан, сэргэ, олбуор, күөл, балык уонна тыа фигуралара, 176 тыл хаартачката, улууска сыһыаннаах ыйытыылар, 1 кубик. Оонньуу быраабылата: оонньооччуларга биирдии фишка бэриллэр, оонньооччулар уочаратынан кубик быраҕан хаамаллар, өскөтүн оонньооччу фишката атын оонньооччу сиригэр кэлэн түстэҕинэ, кини аһардан барыан сөп эбэтэр онно хаалыан сөп. Тохтообут сиригэр улуус гиэрбэтэ ойууламмыт буоллаҕына, ыйытыктаах хаартачканы ылан эппиэттиир, күөл түбэстэҕинэ хардыытын көтүтэр, «step back»-кэннигэр биир хардыы уонна улуус ыйытыытыгар эппиэттиир, «combo»-икки каартаны тардар. Өскөтүн эппиэтиҥ сыыһа буоллаҕына, сорудах ааҕыллыбатах дэнэр. Биир сөп эппиэккэ — биир фишка (ат), сыыһа буоллаҕына ылбат. Оонньууну бириэмэнэн хааччыйыахха сөп.
Оттон Үөһээ Дьааҥы орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ С. Васильев «Эргэ острогтары төлөпүөҥҥэ 3D-Моделирование нөҥүө: 3D-Modelling уонна Minecraft» диэн тиэмэтин эмиэ кылгастык биһиэхэ сырдатта. Сыала-соруга диэн эргэ острогтар архитектураларын, устуоруйаларын үөрэтии, 3D-модель нөҥүө историяҕа уонна архитектураҕа элбэх саҥа арыйыылары киллэрии буолар. Ону таһынан, уруоктарга бу көрүҥү туһанан, оҕолор интэриэстэрин тардыахха сөбүн бэлиэтээтэ. Эдэр чинчийээччи острогтары хайдах оҥорбутун кэпсээтэ: таһынааҕы истиэнэ, соҕуруу уонна хоту истиэнэ ортотугар олбуордаах башня тутуллубутун, муннукка турар башняларга тахсан көрүөххэ сөбүн эттэ. Ону таһынан, воеводтар, казактар уонна солдаттар тэлгэһэлэрэ, төгүрүк башня, чаһы уонна погост ойууламмыттар.
Сылын аайы ыытыллар конференция таһыма үрдүү, сайда турара киһини үөрдэр уонна кынаттыыр. Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан ураты уонна интэриэһинэй тиэмэлэрдээх эдэр чинчийээччилэрэ бары биир сиргэ мустан үлэлэрин билиһиннэрэллэрэ, уопут атастаһаллара уонна маннык тэрээһиннэр ыытыллаллара инникитин дойдубут сайдарын туһугар улахан кылааттаах буолуоҕа диэн эрэнэбин.
Алена ПРОКОПЬЕВА, 9 кылаас,
«Проба Пера» юнкора, Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас.