Киэҥ нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын көрсө араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Төрөөбүт дойдубут баай историятын үөрэтиэхтээхпит, билиэхтээхпит. Ол курдук V-XI кылаас оҕолоро учууталларын кытта Буор Хайа тэллэҕэр сытар Тураахый, Чубукаан диэн сирдэргэ хайыһарынан баран кэллилэр. Кэрэ айылҕалаах Чубукаан бэйэтэ туспа сэһэннээх.
История кэпсииринэн 1926 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр Чубукааҥҥа Муома нэһилиэктэрин сэбиэтин сийиэһэ буолан ааспыт. Мунньахха 25 делегат кыттыбыт. Дьадаҥы дьоҥҥо 100 буут бурдук түҥэтэргэ дьаһайбыттар.
Бу ытык сиргэ кэлэн учууталлар оҕолорго сийиэс туһунан кэпсээтилэр. Маны кэрэһэлиир бэлиэни туруордулар. Салгыы Буор Хайаҕа Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир историческай суолталаах былааҕы күөрэччи көтөҕөн таһаардылар. Сааскы көй салгыҥҥа оҕо үөрбүт саҥата дуорайда, хайаҕа былаах тэлимнээтэ. Оҕолор, учууталлар бу десантан астынан, дуоһуйан, элбэҕи билэн-көрөн кэллилэр.
Ити курдук, кэнчээри ыччат республика, нэһилиэк историческай чахчыларын билиэхтээх, өйдүөхтээх, сыаналыахтаах. Биһиги өссө даҕаны маннык тэрээһиннэр ыытыллыахтарын, кэрэҕэ, үтүөҕэ угуйуохтарын баҕарабыт.
5 кылаас үөрэнээччилэрэ: Мила Габышева, Оля Местникова, Ангелина Михайлова,
“Сардаана” эдкорпост.
Салайааччы: А. В. Слепцова,
нуучча тылын, литратуратын учуутала.
Буор Сыһыы, Муома.