Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн көрсө, бүгүн, күндү доҕоттор, биһиги эбээн норуотун төрүт аһын кытары билсиэхпит. Хас биирдии төрүт ас бэйэтэ туспа ааттаах, онтон биһиги манна сахалыы уонна омуктуу тылбаастаан биэрдибит.
Удьуор табаһыт, Муома улууһун Улахан Чыыстай нэһилиэгин «Магир» тыа хаһаайыстыбатын приозводственнэй дьиэ кэргэнинэн көһө сылдьар община ыстаадатын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Егоровна Дьячкова, биһиги үтүө сүбэһиппит, эбээн норуотун иҥэмтэлээх аһын астаан, оҕону-ыччаты төрүт ас култууратыгар сыһыарар. «Ыччат, оҕо өбүгэ төрүт аһын аһаан улаатыахтаах, оччоҕо кини чөл туруктаах буолар», — диэн кини чопчулаан этэр. Онон бүгүн Екатерина Егоровна бэлэмнээбит эбээн норуотун төрүт аһын кытары билсиэххэйиҥ.
Һилычча — үтүллүбүт эт (steak)
ХАЙДАХ АСТЫЫБЫТ?: Һилыччаны (үтүллүбүт эти) оһох аанын арыйан баран, оһох иһигэр сыһыарабыт. Оһохпут умайа туруо суохтаах, кытаран турар чохтоох буолуохтаах. Остуолга уураргар үрдүгэр туустуубут. Бу ас таба силиитин кытары сииргэ өссө минньигэс буолар.
Хотини, һорча — хаппыт эт (dried meat)
ХАЙДАХ АСТЫЫБЫТ?: Бу аһы бууттан, сис этиттэн оҥоһуллар. Эти чараас гына быһан хатарыллар, хатан истэҕин аайы өссө чарааһытан иһэҕин. Арыый сииктээх эрдэҕинэ кыра куһуоктарга быһыллар. Онтон иҥнэнэн сапка тиһиллэр, өссө хатара ыйанар. Силиини, уҥуох сыатын кытта сииллэр.
Инҥы тыл — таба тыла (deer tongue)
ХАЙДАХ АСТЫЫБЫТ?: Таба тылын ууга буһараллар. Икки чаас курдук туустаах ууга буһараҕыт, оччоҕо сымныыр, олус минньигэс ас. Хас бэлиэ күн солбуллубат биир мааны аһа.
Һивай — таба хаана (Boiled blood serum)
ХАЙДАХ АСТЫЫБЫТ?: Табаны идэһэлээн, сүлэн, хаанын солуурчахха баһаллар. Суукка туруоран баран, хаан үрдүн баһан ылаллар, хойуу хаан кэлэр буоллаҕына, тохтуугут. Таба очоҕоһугар хааны туустаан баран кутуллар, сабынан баайаллар. Очоҕоско толору кутуллубат, тоҕо диэтэххэ, бустаҕына очоҕос кыччыыр. Эбэһээт салгынын таһааран баран очоҕоһу баайаллар. Оргуйа турар туустаах ууга уган буһараллар, хаппахтыыллар. Буһан эрдэҕинэ, уотун кыччатаҕын, сэрэнэн эргитэ сылдьан 30 мүнүүтэ курдук буһараҕын.
Хотини олды хачымаас — юкола, сушеная свежая рыба (dried fish)
ХАЙДАХ АСТЫЫБЫТ?: Балыгы ыраастаан, уҥуоҕун арааран, сытыы быһаҕынан тириитин алдьаппат гына бысталаан баран, хатара ыйыыллар. Сибиэһэй, саҥа ууттан тахсыбыт балыкка оҥоһуллар. Онон ордук сайынын астанар балык, оҥорон баран хаһаанабыт. Остуолга туустаан сииллэр.
Үгүс үйэлэр усталара өбүгэлэрбит аһаан кэлбит төрүт астарын амтана, хаачыстыбата доруобуйаҕа да туһалаах, иҥэмтиэлээх буоларын умнуо суох тустаахпыт уонна биһиги төрүт аспыт атын омук да таптаан аһыыр аһа буолар кыахтаахтарын бэлиэтиэхтээхпит.
Бэлэмнээтэ Анна СЛЕПЦОВА.