Төһө да дьыл-кэм аастар, биһиги эдэр көлүөнэ дьонноро, сэрии ыар кэмнэрин умнуо суохтаахпыт. Хос эһээлэрбит сырдык тыыннарын, эйэлээх олохторун толук уураннар хорсуннук кыргыһан кыайыыны аҕалбыттарын, туох сыаната ууруллан туран маннык кыайыы кэлбитин…
Бу күннэргэ Ньурба оройуонуттан делегация Санкт Петербург куорат – Ильмень күөл хайысхатынан ытык өйдөбүл айаныгар сылдьар. Манна сахалары, биир дойдуулаахтарын, чиэстээри, кинилэр оҥорбут хорсун быһыыларын умнуллубат оҥороору, Ньурба куоратын техническай лицейын «Искра» патриотическай кулууба кыттыыны ылар.
Улуу Новгородтан Старай Руссаҕа айаннаан, аара суолга «Воинам-якутянам-защитникам Старорусского района» өйдөбүнньүк бэлиэҕэ сүгүрүйэн, сибэккии дьөрбөтө уурбуттар, олохтоох «Музей Северо-Западного фронта» түмэлгэ сылдьан элбэҕи саҥаны билбиттэр. Бу музейга Ньурбалар Ильмень күөл кытыытыгар олохторун толук уурбут буойуттарын тустарынан матырыйааллары туттарбыттар. Онтон Устрек дэриэбинэҕэ торжественнай траурнай митинг буолбутугар кыттыыны ылбыттар. Манна тиийэн Ньурбалар Чурапчылары көрсүбүттэр. Миитиҥҥэ олохтоохтор эмиэ кэлэн кыттыспыттар уонна санньыйан-кутуруйан туран бу кыргыһыыга Саха сириттэн элбэх киһи үйэ-саас тухары ити кыргыһыы хонуутугар хаалбыттарын кэпсээбиттэр.
Олохтоохтор түүн тиийэн дьоннор өлүктэрин хомуйан, биир ииҥҥэ ытыы-ытыы көмпүттэрин олус долгуйа истибиттэр. Ильмень күөлгэ эмиэ олус элбэх киһи тимирбитин, уута хаанынан туолбутун, оннооҕор билиҥҥэ диэри таастарга хаан сүппэттии хаалбытын кэпсээбиттэр. Поисковай үлэлэр билигин да наадалаахтарын уонна күүстээх үлэ ыытыллыатааҕын туһунан бары да санааларын эппиттэр.
«Искра» байыаннай-патриотическай кулууп уолаттара байыаннай дефиле оҥорон көрдөрбүттэр. Онтон, дьэ, Ильмень күөлгэ киирэн сахалыы сиэр-туом оҥорбуттар: уот оттон, сиэл, туос, кытыан уматан сыт таһааран алгыс эппиттэр, дойдуларын буорун күөл кытылыгар куппуттар. Салгыы Ретлё дэриэбинэҕэ сэргэҕэ тиийэн эмиэ сахалыы алгыс оҥорбуттар. Бу курдук, Ньурбалар ытык иэстэрин төлөөн – биир дойдуулаахтарын суон сурахтарын, албан ааттарын умнубаттарын уонна үйэтитэллэрин туоһулуу сылдьаллар.
Анжелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба Хаҥалас.